Чурапчы нэһилиэгэр биллэриллибит ырааһырдыы дэкээдэтин чэрчитинэн итиэннэ Сахабыт өрөспүүбүлүкэтин күнүн көрсө, Чурапчы улууһун уонна Чурапчы нэһилиэгин дьаһалталарын, “Ростелеком” филиал үлэһиттэрэ Ленин аатынан саҥардыллыбыт болуоссаты хомуйуу субуотунньугар тахсан үлэлии-хамсыы сылдьаллар.
“Былырыын, “Формирование комфортной городской среды” диэн национальнай бырагыраамма чэрчитинэн саҥардыы оҥоһуллан үлэҕэ киирбит болуоссаппытыгар тахсаммыт бөҕүн-саҕын ыраастаан өрө тардан эрэбит. Маны таһынан ыам ыйын 1 күнүгэр — “Эйэ! Үлэ! Күөх маай” диэн ыҥырыыбытынан Чурапчы нэһилиэгин бары тэрилтэлэрин, уопсастыбаннай түмсүүлэрин кытыннараммыт, сарсыардаттан саҕалаан маассабай субуотунньугу тэрийиэхтээхпит. Ол онно бөһүөлэк иһинээҕи киин уулуссалар, дьон-сэргэ, оҕо-уруу сылдьар искибиэрдэрэ бүтүннүүтэ ыраастаныахтаахтар”, — диэн Чурапчы нэһилиэгин баһылыгын 1-кы солбуйааччы Уйгулаан Туласынов иһитиннэрдэ.
Онон өрүү буоларын курдук, үлэнэн дьолломмут Чурапчы олохтоохторо, бары биир киһи курдук мантан сайын күүстээх субуотунньуктарга кыттыһан, олорор сирбит ыраас буоларын туһугар кыһаллан туран үлэлиэхпит-хамсыахпыт турдаҕа.
Сэмэн Жендринскэй