Чурапчыга оҕо эчэйиилээх суол саахала таҕыста

Бэҕэһээ о.э балаҕан ыйын 14 күнүгэр, күнүс 12 чаас 30 мүнүүтэҕэ, Чурапчы нэһилиэгин Мурун Тыымпыйа түөлбэтигэр, бэлисипиэттээх оҕо кыттыылаах суол саахала таҕыста диэн Чурапчытааҕы суолга-иискэ куттал суох буолуутун хааччыйар иниспиэксийэ иһитиннэрэр.

Күнүс, 13 саастаах уол оскуолатыттан үерэнэн бүтэн, бэлисипиэтинэн Мурун Тыымпыйаттан Чурапчы киинигэр киирэн испит. Хайа эрэ түгэҥҥэ суол уҥа өттүттэн хаҥас өттүгэр туораан истэҕинэ, “Тойота Премио” массыыналаах суоппар элээрэн кэлэн үнтү көтөн суол саахала тахсыбыт. Ол түмүгэр, 13 саастаах үөрэнээччи, доруобуйатыгар ыарахан көрүҥнээх эт-сиин эчэйиитин ылбыт.

“Суоппар 8 сыл стажтаах, медицинскэй освидетельствование түмүгүнэн арыгы испэтэҕэ  чуолкайданна. Салгыы Чурапчытааҕы полиция отделын сэлиэстийэлиир бөлөҕүнэн бэрэбиэркэ ыытыллар. Убаастабыллаах суоппардар, бөһүөлэк иһигэр, чуолаан тротуар суох сирдэринэн, суол кытыытынан дьон сатыы сылдьарын учуоттаан болҕомтолоох буолуҥ, тиэхэньикэ оскуораһа 20-40-ҥа тиийэ намтатаргытыгар, бадараан, чалбах тахсар кэмигэр бэйэ-бэйэҕэ харыстабыллаахтык сыһыаннаһаргытыгар ынырабыт. Онтон сатыы уонна бэлисипиэдинэн сылдьааччылар, суол кытыытынан сылдьар кэмҥитигэр, тиэхэньикэ утары кэлэр өттун тутуһаргытыгар, суолу туоруурга уҥа-хаҥас көрөн сэрэхтээх буоларгытыгар ба5арабыт”, — диэн полиция капитана Саргылаана Никифорова эттэ.

Сэмэн Жендринскэй