Чурапчыга Оҕо бибилэтиэкэтин сыллааҕы аахсыйата үгүс үөрэнээччи болҕомтотун тарта

“Библиосумерки” (Библионочь) аахсыйа 2012 сыллаахха Фэйсбукка баар бөлөхтөр көҕүлээһиннэринэн (салайааччы Илья Николаев) тэриллибитэ. Бу тэрээһин оҕону ааҕыыга көҕүлүүр, бибилэтиэкэҕэ сылдьа үөрэтэр, төрөппүттэр оҕолорун ааҕыы эйгэтигэр киллэрэр, умсугутар сыаллаах-соруктаах ыытыллан кэллэ. Бу күннэргэ Бүтүн Дойду үрдүнэн хас биирдии бибилэтиэкэҕэ бу маннык киэҥ хабааннаах тэрээһиннэр ыытылла тураллар.

Бүгүн о.э. ыам ыйын 17 күнүгэр, Чурапчытааҕы Оҕо бибилэтиэкэтигэр “Библиосумерки-2024” аахсыйа үрдүк таһымнаахтык ыытылынна.

Билиҥҥи олох тэтиминэн үлэлиир рилсмейкер, хореограф идэлээх Мария Поисеева кэлэн ыалдьыттаата. Мария оҕолорго рилс устуутугар маастар-кылаас ыытта. Үөрэнэн эбии дохуот киллэрэллэригэр анаан олус туһалаах сүбэлэри биэрдэ. Эдэр ийэ 2022 сылтан саҕалаан бэйэтин баҕатынан үөрэнэн, билигин араас маҕаһыыннары кытта үлэлэһэн, сакаас ылан эбии дохуот киллэрэрин кэпсээтэ. Араас сүбэлэри биэрдэ, лайфхактарын кытта үллэһиннэ.

Оҕунан ытыыга өрөспүүбүлүкэ хас да төгүллээх чөмпүйүөнэ, геодезист идэлээх Александр Ефремов бэйэтин дьарыгын, интэриэһин оҕунан ытыы туһунан кэпсээн үгүс оҕо интэриэһин тарта.  Бэйэтин охторун аҕалан көрдөрдө, биирдии-биирдии дириҥ ис хоһоонноохтук сырдатта. Оҕолор сыал ытан көрдүлэр. Үгүс оҕо табан үөрдүлэр-көттүлэр, Александрга улаханнык махтаннылар.

Психологическай киин исписэлиистэрэ Виктория Борисова, Юлия Собакина уйулҕа оонньууларын, трениннэри ыыттылар. Оҕолор бары олус көхтөөхтүк кыттаннар, араас хабааннаах сорудахтары толордулар. Маны таһынан бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ өй оонньууларын тэрийэннэр, викториналаатылар.

Хас биирдии кыыс оҕо кэрэ сэбэрэлээх, тупсаҕай көрүҥнээх буолуон баҕарар. Ол инниттэн бүгүн Оҕо бибилэтиэкэтигэр “Бьюти киин” салон хаһаайката Анастасия Сивцева кэлэн кыргыттарга макияж, хаас оҥорон көрдөрдө, туһааннаах сүбэлэри биэрдэ. Бэлэх быһыытынан хас биирдии кэрэчээн кыргыттарга тус бэйэтин аатыттан скидкалары бэлэхтээтэ.

Эдэр ыалдьыппыт Ньургуйаана Егорова, Таро хаартынан сэрэбиэйдээн, улахан болҕомтону ылла. Оҕолор интэриэһиргиир боппуруостарын ыйытан, сөптөөх хоруйдары ылан астынан тарҕастылар.

Бу курдук бэрт сэргэх, интэриэһинэй тэрээһин Оҕо библиотекатыгар ыытылынна. Бары кэлбит ыалдьыттарбытыгар кэлэктиип аатыттан дириҥ махталбытын тириэрдэбит.

 

                                      Чурапчытааҕы Оҕо библиотекатын кэлэктиибэ

Бэлэмнээтэ Сэмэн ЖЕНДРИНСКЭЙ