Чурапчыга норуот маастардарын уонна талба талааннаахтарын үлэлэрин сырдатар аккырыыккалар оҥоһулуннулар

  

«Народные промыслы и богатства культуры” диэн  үс тылынан: сахалыы, нууччалыы уонна омук тылынан тылбаастаах, киэҥ араҥаҕа анаммыт аккырыыккалар 100 экземплярынан бэчээттэнэн таҕыстылар.

“Чурапчы улууһугар билиҥҥи туругунан 500-тэн тахса норуот маастара уонна айылҕаттан талба талааннаах дьоммут дьарыктана, айа-тута сылдьаллар. Барыта 20 чааһынай мастарыскыай баар. Маны барытын “Ай” народнай студия үүннээн-тэһииннээн, сүрүннээн үлэлэтэр.

Аккырыыккалар “Айхаллан, Чурапчы!” муниципальнай подпрограмма чэрчитинэн, улуус баһылыгын уонна дьокутааттар Сэбиэттэрин өйөбүлүнэн үбүлэнэн, быйылгыттан тиһигин быспакка, кыччаабыта үс сыл устата тахсыахтара. Бастакы хайысхата бу норуот маастардарын уонна талба талааннаахтарын үлэлэрин сырдатар. Иккис хайысхата  музей экспонаттарын билиһиннэрэр сыаллаах “Раритеты Чурапчинского улуса” кинигэҕэ киирбит серия үлэлэриттэн тахсыахтара.

Ыччаппыт, оҕолорбут бэйэбит талааннаах биир дойдулаахтарбытын уонна кинилэр  үлэлэрин билэллэрин гына, ону тэҥэ саамай сүрүнэ  бу таһаарыылар хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ баар буолууларын ситиһэр сыаллаах-соруктаах оҥоһулуннулар.  Билиҥҥи туругунан 100 экземплярынан бэчээттэннэ, нэһилиэктэр уонна оскуолалар бибилэтиэкэлэригэр барыларыгар тарҕаныаҕа”, — диэн улуустааҕы култуура салалтатын начаалынньыга Петр Гуляев билиһиннэрэр.

Биир хаа иһигэр 20 аккырыыкка киирэр. Аккырыыкка иннигэр оҥоһук ойуута, кэннигэр оҥоһук аата, ис хоһооно уонна ааптар аата-суола сурулла сылдьар. Аккырыыккалары көрбүттэр бэлэххэ олус табыгастааҕын, дьон мантан көрөн, маастардарга бэйэлэригэр тахсыахтарын сөбүн бэлиэтээтилэр, инникитин маастардар төлөпүөннэрин нүөмэрдэрин киллэрэн биэрэллэригэр эттилэр.

Елена Макаринская