Чурапчыга МРТ тэбэр сүрэҕэ (гентри) Москуба куораттан айаннаан кэлэн оннун булла

Ааспыт сырыыга, Чурапчы нэһилиэгин Таас балыыһатыгар сабыс-саҥа магнитнай-резонанснай томографы (МРТ) таҥан туруоруу үлэтэ саҕаламмыт эбит буоллаҕына, бүгүн Москуба куораттан сүрүн үлэлиир мэйиитин үлэлэппитинэн аҕалан олохтоох миэстэтин буллардылар. Баараҕай оборудование кулун тутар ыйыгар үлэҕэ киириэхтээх Чурапчытааҕы киин балыыһа иккис уораҕайыгар туруорулунна. 

Сүдү тиэхэньикэ айаннаан кэлбит суолтатыгар, сахалыы сиэринэн уот оттон,сыт таһааран алгыс сиэрин-туомун тутааччы Афанасий Кириллин бэйэтинэн түһэрдэ.

“МРТ  илин эҥэр улуустарыгар аан бастакынан үлэлиирэ күүтүллэр. Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Владимирович Путин анал сорудаҕынан үлэлиир “Доруобуйа” национальнай бырайыак чэрчитинэн өр сыллаах баҕа санаабыт олоххо киирэрэ былааннанар. Киһи доруобуйатын диагностикалыыр оборудованиелар киин куораппытыгар эрэ буолбакка, оройуоннарга эмиэ үлэлиирэ ордук кэрэхсэбиллээх. Ыарыыны эрдэттэн диагностаан, сөпкө уонна хаачыстыбалаахтык эмтэнэллэригэр туһаайыллар», – диэн СӨ Ил Дархана Айсен Николаев өссө былырыын этэн турардаах.

Кэлбит оборудование үлэлээтэҕинэ, Прокопий Сокольников аатынан Чурапчытааҕы киин балыыһа быраастара, урукку курдук дьону Дьокуускай куоракка утаарбаккалар, барытын үрдүттэн быһааран, сөптөөх диагноһы тутатына аахтарар итиэннэ эмтиир кыахтаныахтара. Бу күннэргэ, СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин 1-кы солбуйааччы Дмитрий Садовников бэйэтинэн кэлэн тутуллан түмүктэнэн эрэр эбийиэгин бэрэбиэркэлээн, мрт туруохтаах дьиэтин-уотун көрөн-истэн барбыта. Онно үлэһиттэр, мрт үлэлиэхтээх уотун күүһүн үстэ төхтөрүйэн установкалаабыттара, итиэннэ уот арахсар да түгэнигэр үрдүк күүрүүлээх автоматическай генератор холбонорун туһунан иһитиннэрбиттэрэ.

“Саҥа МРТ-аппарааппыт Чурапчы улууһун олохтоохторун эрэ буолбакка, ыаллыы сытар улуустарбыт ыарыһахтарын эмиэ көрүөҕэ. Бүгүн Москва куораттан аппарааппыт гентри диэн тэбэр сүрэҕэ кэллэ, Иркутскайынан заправкаланан айаннаан тиийэн кэллэ. “Адгезия” тэрилтэ көмөтүнэн хозблокпутугар киирдэ, мантан салгыы хомуллуутун чааһыгар түмүктүүр түһүмэҕэ буолуохтаах. Барыта үчүгэй буоллаҕына 2-3 нэдиэлэнэн үлэлэтэр кыахтанабыт”, – диэн Чурапчытааҕы киин балыыһа кылаабынай бырааһа Николай Сивцев иһитиннэрдэ.

 

Сэмэн Жендринскэй