Чурапчы нэһилиэгэр, улууска мини-фуболу саҕалаабыт энтузиаст-тириэньэр Альберт Михайлов сырдык кэриэһигэр анаммыт икки күннээх турнир түмүктэннэ.
Дьаалхааннаах 90-с сыллар үүнүүлэригэр, улахан дьарыга, олоххо интэриэстэрин сүтэрбит ыччаттары мини-футбол умсугутуулаах оонньуутугар түмэ тарпыт киһинэн Мындаҕаайы ыччата Альберт Михайлов буолар.
Чурапчы улууһа урут-уруккуттан успуорт туонатынан биллибит эбит буоллаҕына, билиҥҥи кэмҥэ успуорт араас хайысхаларыгар дьоһун хардыылары оҥорор. Ол курдук успуорт биир саамай маассабай көрүҥүн мини-футболу сайыннарыы, энтузиаст-тириэньэр Альберт Николаевич Михайлов бэйэтин кылгас олоҕун сүрүн сыалынан буолбута. Манна даҕатан эттэххэ, Чурапчы улууһун мини-футболга хамаандата бүгүҥҥү күннээххэ высшай лигаҕа оонньуур кыахтанна.
Кини үтүө дьыалатын салҕаан кыра саастаах оҕолорго улуустааҕы күрэх XV-с төгүлүн ыытыллар. Бу күрэхтэһии сүрүн уратытынан, Саха сирин олимпиадатынан ааттыыр оонньуубутугар сүүмэрдиир турнир буолар. Барыта холбоон 19 оскуола кэлэн кыттыыны ылла.
Турнирга улуус баһылыгын тутуу боппуруостарыгар солбуйааччы Афанасий Дьячковскай,
улуус дьаһалтатын успуорка управлениетын начаалынньыга Дьулустан Васильев,
Чурапчы улууһун үөрэҕин управлениетын начаалынньыга Юрий Посельскай,
Семен Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын физкултуураҕа учуутала, Альберт Михайлов тириэньэрэ Владислав Кривошапкин,
Альберт Михайлов төрөппүт аҕата Николай Григорьевич кэлэннэр оҕолорун, атастарын, кэллиэгэлэрин туһунан үтүө тылынан ахтан-санаан аастылар, бииргэ алтыспыт дьонугар, күрэх тэрийээччилэригэр махтал тылларын эттилэр.
“Чурапчы улууһугар ханан эмэ футбол оонньуутугар ситиһии баар эбит да буоллаҕына – бу барыта Альберт Михайлов өҥөтө!” – диэн энтузиаст иитиллээччитин туһунан Бүтүн Саха сирэ киэн туттар учуутала Владислав Николаевич Кривошапкин тоһоҕолоон туран бэлиэтээтэ.
Икки күннээх оонньуу кэнниттэн, 1 миэстэни – Төлөй орто оскуолата, 2 миэстэни – Иван Федосеев-Доосо аатынан Дириҥнээҕи агрооскуолата оттон 3 бочуоттаах миэстэҕэ Гавриил Протодьяконов аатынан Алаҕар орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ тигистилэр.
“Оҕом аатынан ыытыллар мини-футболга сырыы аайы биир бэйэм, сааһырдым диэбэккэбин өссө эбии эрчимирэн кэлэбин. Уолум дьоно-сэргэтэ бука бары ыспартыыбынай дьиэ кэргэн. Онон оҕолор кытаатыҥ, успуордунан утумнаахтык дьарыктаныҥ”, — диэн Николай Григорьевич бэйэтин алгыһын эттэ.
Бу курдук үтүө киһи аата умнуллубакка, оҥорбут үлэтин түмүгэ симэлийбэккэ кэлэр көлүөнэ тириэньэрдэргэ үтүө холобур буолуо диэн эрэнэбит.
Сэмэн ЖЕНДРИНСКЭЙ