СӨ Бырабыыталыстыбатын отчуотун кэмигэр Болтоҥо нэһилиэгин олохтоохторуттан “улууспутугар батарейкалары тутар сир баар дуо?” диэн ыйыппыттара. Онно хоруй быһыытынан бу ыстатыйабын таһаарабын.
Чурапчыга Октябрьскай атыы-эргиэн киинигэр “Күнтэгил” маҕаһыын батарейкалары уурарга анаан полканы туруорбуттар. Маҕаһыын хаһаайкалара Жанна Егорова уонна Виктория Чикачева-Попова:
- Айылҕаны харыстыыр уонна кэнэҕэски ыччаппытын тулалыыр эйгэҕэ харыстабыллаахтык сыһыаннаһалларын өйдөтөр сыалтан бу полкабытын туруорбуппут. Билигин дьон тулалыыр эйгэҕэ харыстабыллаахтык сыһыаннаһарга үөрэннэ дии саныыбыт.
Бастаан бэйэбит оҕолорбутугар батарейкалары маннык туттарыахха сөп диэн үөрэтэ таарыйа аҕалан уурдарбыппыт. Оҕолор төрөппүттэриттэн көрөн үөрэнэр буоллахтара, онон инникитин бэйэлэрэ бу холобуру батыһыахтара диэн эрэнэбит.
Биһиги Чурапчыбытыгар дэриэбинэлэртэн уонна оскуолалартан кылааһынан хомуйан аҕалан туттараллар. Биирдиилээн да мунньар дьон олус элбэх эбит. Полканы көрөн “ээ хата манна туттарар сир баар эбит дии, биһиги куоракка киирэ-киирэ туттарабыт ээ” диэччилэр кытта бааллар.
Контейнердарбыт туоллахтарын аайы киллэрэн, куоракка туттарабыт. Интэриэс харчытыгар буолбатах, биһиэхэ дохуоту киллэрбэт буоллаҕа. Тапталлаах Чурапчыбытыгар хайа эмэ өттүнэн туһалаах буолуохха диэн санааттан туруорбуппут, — диэн санааларын үллэстэллэр.
Онон Чурапчыбыт улууһун олохтоохторун туттуллубут батарейкаларгытын бырахпакка мунньан, “Күнтэгил” маҕаһыын полкатыгар илдьэн уураргытыгар ыҥырабыт. Чурапчыбыт эдэр урбаанньыттара дойдубут, дьоммут туһа диэн хамсаналлара киһини үөрдэр.
Елена Макаринская