Чурапчыга кыһыныы атаара, сандал сааһы уруйдуу көрсөллөр (Улахан фоторепортаж)

Бүгүн, кулун тутар 30 күнүгэр, Чурапчы нэһилиэгэр кыһыны атаарыы, сандал сааһы көрсүү бырааһынньыга бэрт көхтөөхтүк, сэргэхтик, элбэх дьон түмсүүлээх ыытылла турар.

Тэрээһин эҕэрдэ нүөмрэдэринэн саҕаланна. Атыы-эргиэн дьаарбаҥката ас арааһа атыыга таҕыста, минньигэс астаах хорчуопка, хаҥкылыыр сир, бананынан, буранынан хатааһылааһын, электроснегокаттар, көрдөөх оонньууулар, минньигэс бэлэхтэр саҕаланнылар. Тэрилтэлэр икки ардыларыгар биатлон күрэҕэ. Чурапчы улууһун рационализатордарын быыстапката. “Уруйдуубут сандал сааһы” норуот күүлэйин үөрүүлээх арыллыыта буолла.

Үөрүүлээх чааска Чурапчы нэһилиэгин баһылыга Владимир Сивцев, улуус баһылыгын солбуйааччы Алексей Лобанов эҕэрдэ тыллары эттилэр. Салгыы эҕэрдэ кэнсиэрт саҕаланна, манна Сергей Сорокин, Стас Луковцев уонна Чурапчы ыччаттара кыттыыны ылаллар, сүрүн ыытааччынан Алексей Пономарев-Панчик буолар. ТОС-тар икки ардыларыгар частушкаҕа күрэхтэр, СахаЭтнофитнес, флэшмоб тэриллиэҕэ.

Тэрилтэлэр икки ардыларыгар түһүлгэ киэргэтиитин кэрэ көстүүлээх фотозона оҥостоннор дьон кэрэхсэбилин ыллылар. Күн иккис аҥарыгар “Сэттэ Бэдэр-2024” күрэх үөрүүлээх арыллыыта буолуоҕа, кыттааччылар параадтара күүтүллэр. Итини сэргэ оҕолорго аналлаах оонньуулар, “Шорт-Трек” куоталаһыыта ыытыллыаҕа. Мантан киэһэ кыһыны атаарыы, Иван Кандинскай аатынан “Айыллаан” култуура киинигэр оскуола оҕолоругар “Саас пати” дискотеканан түмүктэниэҕэ.

 

Сэмэн Жендринскэй