Саҥа дьыл алыптаах күннэрэ салҕанан бара тураллар. Үүммүт сыл Дойдуга – Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр – Оҕо саас оттон Чурапчы улууһугар – Ыал Саргытын бэлиэлэринэн биллэрилиннэ. Онно сөп түбэһиннэрэн эбитэ дуу, Чурапчы нэһилиэгин “Куоҕалы” түөлбэтигэр остуоруйа алыптаах дойдута тиэргэннээх ыал баар эбит.
Кинилэр кимнээҕий? Хайахсыттан уонна Кытаанахтан силистээх-мутуктаах, “Куоҕалы” түөлбэ төрүт олохтоохторо Екатерина Васильевна уонна Василий Гаврильевич Коркиннар буолаллар.
Сааһын тухары тутуу үлэһитэ Василий Гаврильевич, урут хаһан даҕаны маннык хаар оҥоһуктарынан үлүһүйбэтэҕим диэн билинэр: “Оҕолор, сиэттэр кэлэллэригэр анаан былырыыҥҥыттан саҕалаан тиэргэммитин киэргэтэр буолбуппут. Быйыл, былырыыҥҥытааҕар быдан элбэх хаар оҥоһугу туруордум, уонтан тахса баар быһыылаах. Бэйэм тутуу эйгэтигэр күн-бүгүҥҥээҥи диэри үлэлиибин, олоҕум аргыһа Екатерина Васильевна иистэнньэҥ”.
Бу курдук, дьоҥҥо-сэргэҕэ саҥа дьыллааҕы настырыанньаны бэлэхтиир, бөһүөлэк иһинээҕи дьиэ тэлгэһэлэрэ туспаҕай көстүүлээх буоларыгар сэмэй кылааттарын киллэрэр күндү дьоммутугар бары үтүөнү, сырдыгы баҕарыаҕын. Үүммүт 2024 сыл хайаан даҕаны ситиһиилээх, иллээх-эйэлээх буолуохтун!
Сэмэн Жендринскэй. Хаартысканы, биидьийэни өр сылларга “Ай” норуодунай устуудьуйаҕа үлэлээбит Саина Гоголева тиксэрдэ