Чурапчыга “Карина” киинэҕэ киһи билиэккэ тиксибэт үлүгэрэ: 274.750 солк. үп киирдэ, 1099 киһи сырытта

Чурапчы нэһилиэгин Иван Кандинскай аатынан “Айыллаан” култуурунай киин иһинэн үлэлиир киинэ тыйаатыра ааспыт бээтинсэттэн саҕалаан “лыык” курдук дьонунан толору. 157 миэстэлээх киинэ тыйаатырыгар “Карина” киинэни көрөөрү дьон-сэргэ мустар. Холобура, бүгүн уонна сарсын эмиэ “киинэҕэ билиэт суох!” диэн биллэрдилэр.

Киинэ бу кылгас кэм иһигэр Саха сиригэр 12,5 мөл суумманы хомуйбут эбит буоллаҕына, Чурапчы улууһугар 274 тыһ 750 солк уу харчынан киирдэ, барыта холбоон бүгүҥҥү күн туругунан 1099 киһи киинэни көрөн улаххнык астынан тарҕастылар.

“Кэтэһиилээх киинэбит бээтинсэ киэһэттэн көстөн саҕалаабыта, күн-бүгүн күнүскү уонна киэһээҥҥи сеанска билиэт барыта толору атыыланан турар. Билиэппит биир үгүс онлайн-эрэсииминэн атыыланар буолан улахан аҥара ол онно атыыланан бүтэн хаалар. Каасса кэлэннэр ордубут эрэ билиэттэргэ тиксэллэр. СӨ Ил Дарханын дьаһалынан, “анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрэ киинэҕэ босхо сылдьаллар” диэн этиллэр, манна олоҕуран чуолаан, убаастабыллаах АБДь кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр туһаайан этэбит, эрдэттэн каассаҕа төлөпүөннээн миэстэлэри броннуоххутун сөп (онлайн-бронь кыайан оҥоһуллубат) уонна туһааннаах докумуоннарыгытын көрдөрөн киинэ көрө ааһыаххытын сөп. Биир үөрүүлээх сонуммут диэн «Карина» киинэни бу ыйы толору көрдөрүөхпүт онон кэлиҥ, сылдьыҥ”, — диэн “Айыллаан” култуура киинин дириэктэрэ Снежана Титова кэпсээтэ.

 

Сэмэн Жендринскэй