Балаҕан ыйын 15 күнүгэр, улуустааҕы Киин бибилэтиэкэ, Чурапчыбыт нэһилиэгин тэриллибитэ 375 сылынан “Төрөөбүт күҥҥүнэн тапталлаах Чурапчым” диэн үгэскэ кубулуйбут уус-уран ааҕааччылар күрэхтэрин үрдүк тэрээһиннээхтик ыытта. Быйылгы күрэххэ хаһааҥҥытааҕар даҕаны элбэх эдэр ыччат кэлэн кыттыбыта кэрэхсэбиллээх.
Манна оскуола-интэринээт хомоҕой хоһоонньут уолаттара, олохтоох техническэй кэллиэс устудьуоннара, саамай кырачаан “Мичил” уһуйаан икки иитиллэччитэ уонна поэзияны таптаан ааҕар, суруйар дьоннор кыттыыны ыллылар.
Хоһоон хонуута хас да түһүмэхтээх ыытылынна, кыттааччы бэҋэтэ ханнык түһүмэххэ кыттара көҥүл. Тэрээһини уһуйаан иитиллээччилэрэ олус чаҕаархай куоластарынан , тапталлаах Чурапчыбыт туһунан хоһоону ааҕаннар арыйдылар. Бииртэн-биир ураты дьоҕурдаах бэйиэттэрбит, суруйааччыларбыт араас тиэмэлэргэ суруйбут уус-уран суруйуулара ааҕыллан, бүтүннүү “кулгаах-харах буолан” иһийэн олорон иһиттибит.
Көҥүл тиэмэҕэ Чурапчы айар куттаахтара бэйэлэрин хоһооннорун иэйэн туран аахпыттарын дьүүллүүр сүбэ үрдүктүк сыаналаата. Хоһооннор ааҕыллан бүтэн түмүгү таһаарыахтарын иннинэ, араас биктэриинэлэргэ, боппуруостарга сыыһа-халты, таба эппиэттээһин буолан улаханнык үөрдүбүт-көттүбүт. Ол кэннэ көҥүл микрофоҥҥа хас биирдии эдэр ыччаты кытары сэһэргэһии буолла, оҕолор үксүлэрэ атын улуустан кэлэннэр кэллиэскэ үөрэнэ сылдьаллар эбит, кинилэр бастакы Чурапчы улууһун туһунан өйдөбүллэрэ Чурапчыны успуорт өттүнэн билэллэрэ биһиги сүргэбитин көтөхтө. Аҕам саастаах дьон оҕолорго бэйэлэрин үлэлэрин, учууталларыгар махталларын билиҥҥэ диэри илдьэ сылдьалларын, олоҕу, үлэни таптыылларын холобурдаан кэпсээтилэр, оҕолорго үөрэхтэригэр, олоххо ситиһиини баҕаран алгыс тылларын анаатылар.
Дьүүллүүр сүбэ түмүккэ түһүмэхтэринэн кыаҋыылаахтары ааттаталаан, үс бириистээх миэстэни үллэрдэ.
Бастакы “Үлэ — киһини киэргэтэр” түһүмэххэ:
1 миэстэ – Степанида Попова (Ожулун);
2 миэстэ – Надежда Попова;
3 миэстэ – Антонина Перевалова.
Иккис “Чурапчы — мин дойдум” түһүмэххэ:
1 миэстэ — «Хотой» литэрэтииринэй бөлөх (сал. А.Н. Кузьмина);
2 миэстэ — Николанна Бушуева-Арчылаана Чараҥ;
3 миэстэ – Луиза Кобельянова.
Үһүс көҥүл тиэмэ түһүмэҕэр:
1 миэстэ – Вячеслав Прокопьев (Чурапчытааҕы кэллиэс);
2 миэстэ – Клара Кузьмина;
3м – Садот Стручков (Чурапчытааҕы кэллиэс).
Хоһоон алыптаах хонуутугар бука бары истиҥник сэһэргэһэн, астынан, дуоһуйан улууспут Киин бибилэтиэкэтин эйэлээх кэлэктиибигэр улаханнык махтанан тарҕастыбыт.
Чурапчыттан Клара – Уус кыыһа
Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй