Чурапчыга Илья Павлович Листиков туһунан саҥа кинигэ сүрэхтэннэ

Кинигэ сүрэхтэниитигэр Илья Павловиһы кытта бииргэ үлэлээн, алтыһан ааспыт дьоно-сэргэтэ, кинигэ таһаарыытыгар кылааттарын киллэрсибиттэр уонна сиэнэ Илья Листиков  муһуннулар. Сүрэхтэниини Марфа Кузьмина уонна Христина Федулова иилээн ыыттылар.

Кинигэ 2005 сыллаахха олохтоммут “Саха киэн туттар дьоно” сериянан кинигэлэргэ киирсэр, 344 страницалаах, халыҥ переплеттаах, барыта 101 хаартыскалаах, 69 ахтыы суруйбут дьон хаартыската түмүлүннэ.

Редколлегияҕа Афанасий Захаров, Ульяна Атласова, Вера Платонова, Мотрена Матвеева, Христина Федулова, Алексей Слепцов, Марфа Кузьмина киирэн үлэлэстилэр. Кинигэни улуус дьаһалтата үбүлээн, “Айар” кинигэ кыһатыгар оҥорторон таһаартарда.

Ахтыы-кинигэҕэ төрөөбүт-үөскээбит Чурапчытын оройуонун 18 сыл устата быһаччы салайбыт, кини экономиката, култуурата сайдыытыгар, каадырдары иитиигэ уонна бэлэмнээһиҥҥэ бөдөҥ кылааты киллэрбит дьон-сэргэ ытыктыыр Илья Павлович олоҕун суола, кини судаарыстыбаннай-политическай үлэтэ бары өттүнэн сырдатыллыбыт.

Үс киирии тыл суруллубут. “Бэрт кылгастык” диэн бастакы киирии тылга Илья Павлович Чурапчыга салайбыт кэмэ оройуон сайдыытын биир кэрдиис кэмэ, олох-дьаһах, үөрэх, култуура уонна спорт сайдыытыгар үгүс өрүттээх үлэ ыытыллыбытын туһунан кэпсэнэр.

“Илья Павлович Листиков аата үйэлэргэ” диэн иккис киирии тылы Чурапчы улууһун баһылыга Степан Саргыдаев суруйбут. Манна Илья Павлович үлэлээбит 60-нус сыллар бүтүүлэрэ, 70-нус сыллар толору, 80-нус сыллар саҕаланыыларыгар партия соруга пятилеткаларынан буолан, дьон олоҕун таһыма тупсарыгар болҕомто уурулларын, тыа сиригэр колхуостар бөдөҥсүйэн, сопухостар буолуулара, Дмитрий Петрович Коркин эрчийбит тустуук уолаттара олимп чыпчаалын ылан кэлбиттэрэ, өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурустарга Чурапчы оройуона инники күөҥҥэ элбэхтэ ааттаммытын туһунан суруллубут.

Чурапчы улууһун дьокутааттарын Сэбиэтин 4-с бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит Афанасий Захаров “Чурапчыбыт сайдар түөрэҕин тэрийбит салайааччы” диэн үһүс киирии тылга эдэр дьон, чуолаан эдэр салайааччылар бу кинигэттэн үтүө холобурдары иҥэринэр, Чурапчыларын историятын туһунан эбии билэн, үлэлэригэр туһаныахтара, тус олохторун сөптөөх хайысханан тэриниэхтэрэ диэн суруйбута киирдэ.

Маны таһынан араас хабааннаах ахтыылар, урукку ыстатыйалар, о.д.а киирбиттэр.

Елена Макаринская