Чурапчыга Илья Листиковка анаммыт “Үтүө киһи аата үйэлэргэ” быыстапка аһылынна

Илья Павлович Листиков Чурапчы улууһун экономиката, култуурата уонна социальнай олоҕо-дьаһаҕа сайдарыгар сүҥкэн кылаатын киллэрбит биир дойдулаахпытынан буолар. Кини “Үлэ кыһыл знамята” уордьан кавалера, Саха АССР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Чурапчы улууһун Бочуоттаах гражданина, 25 сыл, ол иһигэр 18 сыл устата партия Чурапчытааҕы райкомун бастакы сэкирэтээринэн үлэлээбит судаарыстыбаннай диэйэтэл. Быйыл кини үбүлүөйдээх 95 сыла бэлиэтэнэр.

 

Быыстапкаҕа кини үлэтэ, олоҕо архыып матырыйаалларынан, интерактивнай остуолунан сырдатылынна. Николай Барашков – Араадьыйа Барашков тус архыыбыттан ылыллыбыт Илья Павлович миитиҥҥэ саҥарбыт аудиозапиһын иһитиннэрдилэр.

Быыстапка аалай кыһыл лиэнтэтин улуус баһылыга Степан Саргыдаев, улуустааҕы бэтэрээннэр Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Матрена Матвеева, Илья Павлович сиэнэ, эһэтин аатынан ааттаммыт Илья Листиков быстылар.

Сиэнэ Илья Листиков: “Бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ кэлэн ыалдьыттыы сылдьарбыттан үөрэбин, эһэбинэн киэн туттуум муҥура суох. Мин эһэбиниин кыра эрэ эрдэхпинэ  алтыһан хаалбытым. Онон кини олоххо көрүүлэрин, тымтыктааһыннарын билбэккэ, ыйыталаспакка  хаалбыппыттан хомойобун. Билигин эбитэ буоллар, олус да элбэҕи билиэ-көрүө, сүбэлэтиэ эбиппин. Ол иһин оҕолорго, эдэр ыччакка аҕам саастаахтарга болҕомтоҕутун ууран, сүбэлэтэ, ытыктыы сылдьыҥ диэн этиэхпин баҕарабын”, — диэн санаатын үллэһиннэ.

Елена Макаринская