Саха сиригэр муус устар 25 күнүттэн иитиэх кустаах (подсадной) кус булдун көҥүлэ саҕаланар. Лиссиэнсийэни кулун тутар 26 күнүттэн саҕалаан биэриэхтэрэ. Ол туһунан СӨ Экология министиэристибэтэ иһитиннэрэр. Көҥүл ханнык улууска хаһан саҕаланарын табылыыссаҕа көрүөххэ сөп.
Иитиэх кустаах (подсаднойдаах)
Иитиэх кустаах атыыр куһу бултааһын | Муус устар 25 күнүттэн бэс ыйын 10 күнүгэр диэри |
Уу уонна мас көтөрүн бултааһын болдьоҕо
Бултанар көрүҥ | Зоната | Улууһа | Болдьоҕо |
Уу көтөрө | N 1 | Алдан, Амма, Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Нерюнгри, Сунтаар, Таатта, Томпо, Уус Алдан, Уус Майда, Чурапчы, Хаҥалас уонна Дьокуускай | Ыам ыйын 11 – 20 күннэрэ |
N 2 | Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Горнай, Ленскэй, Мииринэй (Айхалтан уонна Удачнайтан ураты), Ньурба, Өлүөхүмэ, Өймөкөөн | Ыам ыйын 14 – 23 күннэрэ | |
N 3 | Абый, Өлөөн, Мииринэй Айхала уонна Удачнайа | Ыам ыйын 31 – бэс ыйын 9 күннэрэ | |
N 4 | Аллайыаха, Үөһээ Дьааҥы, Усуйаана | Ыам ыйын 15 – 24 күннэрэ | |
N 5 | Анаабыр | Бэс ыйын 2 – 11 күннэрэ | |
N 6 | Булуҥ | Ыам ыйын 27 – бэс ыйын 5 күннэрэ | |
N 7 | Үөһээ Халыма | Ыам ыйын 5 – 14 күннэрэ | |
N 8 | Эдьигээн уонна Эбээн Бытантай | Ыам ыйын 22 – 31 күннэрэ | |
N 9 | Муома | Ыам ыйын 18 – 27 күннэрэ | |
N 10 | Орто Халыма уонна Аллараа Халыма | Ыам ыйын 10 – 19 күннэрэ | |
N 11 | Кэбээйи | Ыам ыйын 9 – 18 күннэрэ | |
Мас көтөрө (сааскы) | 1 – 11 зоналар | Бары улуустар | Ыам ыйын 7 – 16 күннэрэ |
Анды
Анды (көннөрү уонна хохуора) | Бэс ыйын 1 – 4 күннэрэ |
Сэмэн Жендринскэй