Быйыл, Кытаанахтан төрүттээх Саха норуодунай суруйааччыта Василий Яковлев-Далан төрөөбүтэ 95 сылыгар анаан, Килэҥки бөһүөлэгэр үтүмэн үгүс үлэ ыытылынна. Онуоха нэһилиэк Аҕа баһылыга Егор Потапов итиннэ барытыгар төһүү күүс, улахан өйөбүл буолар.
Манна сиэттэрэн эттэххэ, бүгүн, Чурапчы улууһун киин бибилэтиэкэтигэр сүрэхтэнэр үс улахан кинигэ тэрээһинигэр үгүс киһи кэлэн кыттыыны ыла олороро элбэҕи кэпсиир. Бу аҕыйах сыллааҕыта Семен Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын үөрэнэр бүтэрбит ини-бии Дмитрий уонна Иннокентий Скрябиннар талбыт идэлэрин баһылааннар, бэйэлэрэ туспа суоллаах-иистээх үлэһит дьон буола тахсыбыттара барыбытын үөрдэр.
Дмитрий Скрябин, ХИФУ историческай факультетын выпускнига, политолог: “Үс кинигэбитин сүрэхтээн эрэбит. Бастакы кинигэбитигэр сэрии кыттыылаахтарын туһунан, манна Кытаанах уонна Танда-Бахсы нэһилиэктэрин хаптыбыт. Иккис кинигэ Чурапчы көһөрүүтүн, нэһилиэккэ хаалбыт дьоннор тустарынан кэпсэнэр. Үһүс кинигэ бастакы Хатылы, билиҥҥи аата Кытаанах диэн. Нэһилиэк устуоруйатын сырдатар кинигэ буолар, манна түҥ былыргыттан 1917 сылга диэри кэпсэнэр. Онно игирэм аҥара перепистэри устубута, 1795 саҕалаан 1816, 1850, 1858, 1897, 1917, 1929 сыллары хабар. Бу көмөтүнэн нэһилиэк олохтоохторо кимтэн кииннээхтэрин, хантан хааннаахтарын билэр кыахтаннылар. Бастакы кинигэ 2020 сыллаахха “Айар” кинигэ кыһатыгар, төрдүө буолан суруйбуппут, биһиги бырааппынаан, эбэбит Екатерина Прокопьевна уонна эдьиийбит Екатерина Иннокентьевна. Иккис кинигэбит Новосибирскай куоракка бэчээттэнэн тахсыбыта, үһүс кинигэрбит эмиэ “Айар” кинигэ кыһатыгар тахсыбыта, М.Г. Макеева эрэдээксийэлээбитэ. Кинигэни таһаарар интэриэһинэй эбит, игирэм аҥара биир үгүс архыыптарга үлэлээтэ, кини былыргы суруктары үчүгэйдик ааҕар, уһулан саҕалаабыта. Сэрии кыттыылаахтарын туһунан ахтыыны хомуйан саҕалаабыт киһинэн хос эһэбит, сэрии кыттыылааҕа Скрябин Никита Гаврильевич буолар. Бэйэм магистратураҕа үөрэнэр буолабын научнай үлэнэн дьарыктанабын, ыстатыйалары суруйабын, инникитин диссертация даҕаны суруйуохха сөп. Салгыы үлэбит элбэх, үһүс кинигэбит үс чаастаах буолуохтаах. Игирэм аҥара Кеша эбии методическай кинигэлэри суруйа сылдьар, ол онон эмиэ туспа кинигэ тахсыахтаах. Танда-Бахсы нэһилиэгин туһунан туспа кинигэ бэчээттэниэхтээх”.
Биллэн туран, уолаттар үөрэхтээх дьон буолууларыгар, уопсай иитиигэ, олоххо-дьаһахха төрөппүттэр улахан оруоллаахтар. Скрябиннар дьиэ кэргэн Күн күбэй ийэлэринэн, полиция подполковнига Вера Дмитриевна буолар: “Биһиги оҕо сырыттахпытына аҕам биһиэхэ наар, төрүччү маһын оҥорор этэ. Оччолорго альбом лииһигэр этэ, уруккулуу мас-мас курдук буолара. Ол онон билигин даҕаны кини үлүһүйэр. Оҕолорум улааталларын саҕана, эдьиийдэрэ эмиэ историк идэлээх буолан, эбэбит эмиэ итиннэ сыһыаннаах киһи буолан ити эйгэҕэ улам сыстан барбыттара. Кыра саастарыттан элбэхтэ мусуойдары кэрийбиттэрэ. Дьиэбит иһигэр чэйдиир даҕаны кэммитигэр тиэмэбит барыта ол эрэ туһунан буолан хаалааччы, Римскай остуоруйаларга тиийэ бараллара. Оҕо эрдэхтэн ол билиилэрин өссө хаҥатаннар, дириҥэтэн үөрэтэллэр. Идэлэрин олус сөбүлүүллэр уонна интэриэстэрэ наһаа улахан. Иллэҥ бириэмэлэригэр мэлдьи архыыпка сылдьаллар. Төрөппүт оҕолорун интэриэһин бириэмэтигэр өйөөн, өйдөөн сайыннарыахтаах”.
Кинигэлэр биһирэмнэригэр олус элбэх киһи муһунна, ол курдук Чурапчы улууһун баһылыгын 1-кы солбуйааччы Егор Сивцев, кинигэ ааптардарыттан биирдэстэрэ, Кытаанах нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, СӨ муниципальнай сулууспатын туйгуна Екатерина (Захарова) Скрябина, Чурапчы нэһилиэгин дьаһалтатын исписэлииһэ Мария Матвеева, улуус дьокутааттарын IV-с ыҥырыылаах мунньаҕын бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит Афанасий Захаров, философия билимин хандьыдаата Егор Винокуров, тэрилтэ салайааччыта, Чурапчытааҕы Ис дьыала уорганын үлэһиттэрэ, Семен Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын салайар аппараата, Кытаанах нэһилиэгин олохтоохторо, уопсастыбынньыктар кыттыыны ыллылар.
Екатерина Скрябина, ИГИ Гуманитранай чинчийии үнүстүүтүн аспирантуратын выпускнига, Кытаанах нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы, биэс кинигэ ааптара: “Хас биирдии киһи олоҕун устуоруйатын, төрдүн-ууһун үчүгэйдик билиэхтээх дии саныыбын. Билигин даҕаны үгүс киһи ийэлэрин, эбэлэрин араспаанньаларын, ханнык аҕа уустан төрүттээхтэрин ситэри билбэттэр. Ол инниттэн ити уолаттар архыып матырыйаалларын хасыһаннар, билэн-көрөн суруйан таһаарбыттара, нэһилиэкпит дьонугар-сэргэтигэр улахан көмө буолар. Билигин аҕа уустарынан наардаан, оҥорон биэрдибит. Итинэн сиэттэрэн бэйэлэрин төрүччүлэрин салгыы оҥорор кыахтаннылар. Сыалбыт-сорукпут даҕаны эрдэттэн ол оннук этэ. Сүрүн көҕүлээччинэн ийэбит, эбэбит буолар. Кинигэ бэчээттэнэн тахсыытыгар олохтоох дьаһалтабыт баһылыга Егор Николаевич улаханнык көмөлөһөр, өйүүр уонна оттон үһүс кинигэбит тахсыытын ийэбит бэйэтэ барытын уйунна. Маннык кинигэлэри суруйан таһаарыы дойдуга улахан патриот буолуохха наада, дьоҥҥо-сэргэҕэ дириҥ суолу хаалларан элбэҕи кэпсиир ордук. Эрдэ маннык үлэлэринэн Кытаанахха Конон Матвеев дьарыгырар этэ. Эрдэ суруллуута барыта ийэбит суруйуулара буолаллар”.
Сэмэн Жендринскэй
Видео Наталья Сибирякова