Чурапчыга хоту көһөрүллүү кыттыылаахтарын кытта көрүстүлэр

“Бэҕэһээҥҥи күн баар буолан, бүгүҥҥү күн үөскээбитэ чахчы. Бүгүҥҥү күн баар буолан, сарсыҥҥы күн үүнүөҕэ. Бу иһин үс кэми: ааспыты, билиҥҥини, кэлэри хайа да киһи хаһан да араарбакка биир ситиминэн өйдүөхтээх”, — диэн саха биллиилээх суруйааччыта Суорун Омоллоон этэн турардаах.  

Чурапчы улууһугар балаҕан ыйын 19 күнэ – кэриэстэбил күн. Ол курдук, 1942 сыллаахха Чурапчы оройуонун нэһилиэнньэтин улахан аҥаарын күүс өттүнэн хотугу оруйуоннарга көһөрбүттэрэ улахан охсууну аҕалбыта. Үрдүттэн сыыһа дьаһайыы содулугар тыһыынчанан киһи хоргуйан, ыалдьан өлбүтэ. 

Онон сибээстээн, бу күн С.А.Новгородов аатынан оскуола 8-9 кылаас үөрэнээччилэрэ Чурапчы көһөрүллүүтүн кыттыылаахтарын кытта — Булуҥ улууһугар сылдьыбыт Зоя Егоровна Ягодинаны, Кэбээйи улууһугар сылдьыбыт Евдокия Федоровна Захарованы, Эдьигээн улууһугар сылдьыбыт Елизавета Ильинична Сивцеваны кытта кылаас чаастарыгар көрүстүлэр. 

Кырдьаҕастары арыаллыы Чурапчы улууһун баһылыгын бастакы солбуйааччыта Е.А.Сивцев сылдьыста. Оҕолор аан боруогуттан көрсөн, арыаллаан кылаастарыгар илдьэ киирдилэр, кэпсэттилэр, атаардылар. 

Хас биирдии кылааска бэтэрээннэр ыар түгэҥҥэ түбэспит историяларын оҕолор болҕомтолоохтук иһиттилэр, олуһун диэн аһыннылар, уйадыйдылар. Бэтэрээннэр инники көлүөнэҕэ аналлаах сүбэлэри: историяны дириҥэтэн үөрэтэллэригэр, үөрэҕи өрө туталларыгар, эт-хаан өттүнэн эрчиллиилээх буолалларыгар – баҕа санааларын эттилэр. Бары кылаастар ытыктыыр, убаастыыр ыалдьыттарыгар махтал тылларын, сэмэй бэлэхтэрин туттардылар.

Норуокка хара мэҥ буолан хаалбыт улууспут историятын тиэрдии – ытык иэспит. Онон маннык көрсүһүүлэртэн оҕолор уруккуну ытыктыы, инникини сыаналыы, историяны билэ үөрэнэллэр.

Лилия Попова