Чурапчыга «Харысхан» миэбэли оҥорор мастарыскыай үлэлиир

Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин быһаччы өйөбүлүнэн бэйэ дьыалатын арынааччыларга судаарыстыбаннай көмөлөр көрүллэллэр. Ол иһигэр социальнай хантараакка олоҕуран, кэтэх хаһаайыстыба эбэтэр дьоҕус биисинэс тэринэллэригэр анаан, кыаммат дьиэ кэргэттэргэ уонна соҕотох дьоҥҥо үп көрүллэр. Маннык көмө Чурапчыга 2020 сылтан үлэлиир. Быйыл улууска соцхантараагы 197 киһи түһэрсэн, уопсайа 37 456 329 сууманы туһанна.

Ыал аҕа баһылыга Герман Белолюбскай социальнай хантараак көмөтүнэн мастарыскыай аһынан, бэс маһынан миэбэл араас көрүҥүн сакааска оҥорор.

«Мин хореограф идэлээхпин. Хадаарга култуура дьиэтигэр дириэктэринэн, уһуйааҥҥа хореограбынан үлэлии
сылдьыбытым. Ол эрээри, кыра эрдэхпиттэн иллэҥ кэммэр маһынан ону-маны уһанарбын сөбүлүүбүн. Эһэм Матвей Гаврильевич Белолюбскай мас ууһа этэ. Кини ойуулаах-дьарҕаалаах ураты кэрэ көстүүлээх ыскааптары оҥороро. Кырдьан да баран уһанара, сылгы сиэлинэн минньиктэри оҥороро. Билигин сөҕө саныыбын – оччолорго индрайвер да, такси да суох кэмигэр эһэм бэйэтэ оҥорбут улахан тимир салааскатыгар минньиктэрин тиэйэн, аадырыстарынан түҥэтэлиирэ. Билигин табаары хайдах баҕарар тиэрдиэххэ сөп.

Пандемия саҕаламмытыгар, дьиэҕэ олоруу саҕаламмытыгар, социальнай ситим нөҥүө маһынан оҥоһуктары оҥорорго сакаас ылбытынан барбытым. Саҥа дьиэҕэ киирбит ыаллар остуоллары, олоппостору, дьааһыктаах ыскамыайкалары үгүстүк сакаастыыр буолбуттара. Килийиэн баҕатынан араас быһыылаах, ойуулаах миэбэли оҥорорго ылсыбытым эрээри, улахан оҥоһукка техническай базам эппиэттээбэт буолан аккаастанарым. Ол иһин үчүгэй анал станоктары ылаары, 2021 сыллаахха социальнай хантараак куонкуруһугар кыттан, 300 тыһ. сууманы ылбытым. Онтон саҕалаан, сүрүн дохуот оҥостон, тус дьарыктаах буолбутум”, — диэн урбаанньыт үлэтин хайдах саҕалаабытын кэпсээтэ.

 

Герман Олегович тус бырайыагынан биир миэбэли, ортотунан, 3-4 күн оҥорор эбит. Ону тэҥэ миэбэл хайдах быһыылааҕыттан, төһө кээмэйдээҕиттэн, уустуктааҕыттан, ахсааныттан эмиэ тутулуктаах. Сайыҥҥы өттүгэр кини аны тутуунан дьарыктанар эбит.

— Дуогабарынан үлэһит ылан, бэйэбит территориябытыгар беседкалары, дачаҕа аналлаах душтары тутан, бэлэми тиэйэн илдьэн, килийиэн ыйбыт миэстэтигэр туруорабыт.

  

Куйаар ситимэ күүскэ сайдан, дьон социальнай ситим нөҥүө истэн- билэн, араас улуустартан, ордук Дьокуускайтан, Аллараа Бэстээхтэн, оннооҕор Сунтаар курдук ыраах сиртэн сылы эргиччи сакаастыыллар эбит. Оттон кинини биһиги, чурапчылар, саҥа билэн эрэбит. «Харысхан» мастарыскыай – быйыл «Миссис Чурапча” успуонсара. Маны сэргэ улуустааҕы социальнай салалта тэрийэр «Твори добро” үтүө санаа акциятыгар көхтөөхтүк кыттыһар. Герман Белолюбскай бу ыйга сакааһа номнуо туолбут. Билигин үлэһитэ суох, бэйэтэ эрэ үлэлиир. Онон эдэр урбаанньыкка сүрүн көмөлөһөөччүтэ кэргэнэ буолар.

«Кэргэним Сардаана — эмиэ саҥа саҕалаан эрэр урбаанньыт. «Универсам» маҕаһыын иккис этээһигэр хос арендалаһан, бырааһынньык табаардарын, шариктары, бадаарактары атыылыыр. Үс уол оҕолоохпут. Кэргэним бэйэтин үлэтиттэн, дьиэ иһинээҕи түбүктэн ордон, мастарыскыайбар көмөлөһөр. Сакааһым элбэх кэмигэр үлэм
таһынан атыны кыайан оҥорбоппун. Холобур, оҕолору оскуолаҕа, дьарыктарыгар илдьэри-аҕалары, маҕаһыыҥҥа барыыны-кэлиини. Кэргэним ону өйдүүр, өйүүр буолан, үлэлиирбэр чэпчэки”, — диэн кэргэнигэр
махтанар.

Урбаанньыт «Твори добро» акцияҕа кыттыста

«Миссис Чурапча-2023» успуонсара

Онон үлэ бириэмэтинэн үлэлиир, ону сэргэ оҥорон таһаарыытын улаатыннарар сыалтан бастайааннай үлэ миэстэтин таһаараары, сэтинньигэ индивидуальнай предприниматель статуһун ылан, улуус баһылыгын граныгар кытынна. Куонкурус түмүгэ бу күннэргэ билиннэ. Герман Олегович кыайыылаахтар ахсааннарыгар киирбит.

— Үлэ миэстэтин таһаарарга киһи сөптөөх эйгэни тэрийиэхтээх. Онон бу гранынан наадалаах инструменнары уонна
фрезернай станок ылар былааннаахпын. Икки үлэһити ылаары гынабын: фрезернай станок оператора уонна маастар-столяр көмөлөһөөччүтэ.

Билигин эдэр урбаанньыт эргэ дьиэтин мастарыскыай оҥостон олорор. Инникитин уһаайбатын иһигэр анаан минээн сыах тутар соруктаах.

«Былааннарым олоххо киирдэхтэринэ, сымнаҕас миэбэлтэн саҕалаан корпуснай (встроеннай) миэбэли оҥорор сыаллаахпын. Маны сэргэ атыыга анаан миэбэл, дьиэҕэ туттуллар кыра малы-салы оҥоруохпун баҕарабын”, — диэн баҕа санаатын үллэстэр.

 

Марфа Петрова