Бүгүн о.э. ахсынньы 1 күнүгэр үөрүүлээх быһыыга-майгыга, киэһэ 16 чааска “Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” бэстибээл чэрчитинэн, Чурапчы нэһилиэгэр, аныгылыы оҥоһуулаах Ленин аатынан болуоссакка Саха сиригэр биир бастакынан Саҥа Дьыллааҕы харыйа уоттарын уматтылар.
Халлааммыт анаабыт курдук туран биэрдэ, төһө да сытыы тыалынан аргыйдар, дьон-сэргэ Саҥа Дьылы чугаһатар сэргэх тэрээһини көрөөрү тымныы, чэбдик салгыҥҥа тоҕуоруһа муһунна. Бүтүн дьиэ кэргэнинэн, оҥой-соҥой көрбүт кырачааннардыын сүргэлэрэ көтөҕүллэн, уруйдаан-айхаллаан харыйа уота уматыытын үөрэ көрүстэ.
Быйыл Чурапчыга 14 миэтэрэ үрдүктээх харыйа туруорулунна, 144 дьэрэкээн оонньуур итиэннэ 100 миэтэрэ усталаах гирлянда ыйанна. Манна барытыгар нэһилиэк култууратын “Айыллаан” киин үлэһиттэрэ күүскэ үлэлээтилэр.
Бу кэмҥэ, остуоруйа сүрүн дьоруойдара, Чысхаан оҕонньор сиэнэ кыыс Хаарчааналыын, нэһилиэк баһылыгын солбуйааччы Варвара Макарова бар дьоннорун кыһын кэлбитинэн, саргылаах Саҥа Дьыл чугаһаабытынан эҕэрдэлээтилэр.
Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ