Быйыл саас ыам ыйын 28 күнүгэр Чурапчытааҕы оҕо спортивнай оскуолатын кэлэктиибэ улууска бастакынан адаптивнай спордунан дьарыктанар доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо анаан, Бүтүн Арассыыйатааҕы ГТО норматын туттарыыны тэрийбитэ. Маныаха уопсайа 62 киһи кыттыбытыттан 36 спортсмен кыһыл көмүскэ туттаран, үчүгэй бэлэмнээхтэрин көрдөрбүттэрэ.
Улуустааҕы адаптивнай спорт федерациятын тэрийиитинэн, ахсынньы 27 күнүгэр “Утум” Айыы кыһатын дьиэтигэр ГТО нуорматын туттарбыт дьоммутугар РФ спордун миниистирэ Олег Мытыцин илии баттааһыннаах дастабырыанньаны уонна түөскэ иилиллэр бэлиэни үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарыы буолла.
Манна улуустааҕы спорт управлениетын исписэлииһэ Альберт Петрович Собакин, Чурапчытааҕы оҕо спортивнай оскуола үлэһитэ Светлана Николаевна Захарова, Чурапчытааҕы инбэлииттэр уопсастыбаларын бэрэссэдээтэлэ Саргылана Николаевна Хоютанова ГТО нуорматын туйгуннук туттарбыт дьоммутун эҕэрдэлээтилэр, инникитин спордунан утумнаахтык дьарыктаналларыгар, улуустарыгар элбэх кыайыыны аҕалалларыгар баҕардылар.
Спортсменнарбытын дьоһун ситиһиилэринэн истиҥник эҕэрдэлиибит, үүнэр сылга өссө үрдүк кыайыылары ситиһэллэригэр баҕарабыт.
Иннокентий Матвеев.