Чурапчыга өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэх саҕаланна

Бүгүн  А.К.Софронов аатынан спортивнай комплекска  доруобуйаларынан хааччахтаахтар дэкээдэлэрин чэрчитинэн «Ийэм, аҕам уонна мин — бары биир күүс» өрөспүүбүлүкэтээҕи үгэскэ кубулуйбут күрэх  саҕаланна. Күрэхтэһии үөрүүлээх аһыллыытыгар Чурапчы улууһун баһылыга Степан Саргыдаев,  бүтүн Арассыыйатааҕы доруобуйаларынан хааччахтаахтар уопсастыбаларын Хотугулуу-Илиҥҥи уокурукка сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Ирина Лебедева эҕэрдэ, махтал тылларын эттилэр, Ирина Васильевна бу тэрээһин ыытылларыгар күүс-көмө буолбут дьоҥҥо, тэрийээччилэргэ Махтал суруктары туттартаата.

Күрэххэ Амма, Мэҥэ Хаҥалас, Таатта, Нам, Чурапчы улуустарыттан кыттааччылар 6 көрүҥҥэ илин-кэлин түсүһүөхтэрэ.

Наталья Сибирякова, ааптар видеоҕа устуута