Бүгүн о.э. кулун тутар 5 күнүгэр, биллиилээх чабырҕахсыт, ССРС култууратын туйгуна, РСФСР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын бочуоттаах үлэһитэ, Чурапчы улууһун бочуоттаах олохтооҕо Мария Андреевна Герасимова-Сэҥээрэ аатынан “Чараас сытыы тыллаах чабырҕахпыт чаҥыйдын” чабырҕаҕы толорооччулар аһаҕас өрөспүүбүлүкэтээҕи күөн күрэстэрэ буолла.
Манна ыраахтан-чугастан барыта холбоон 166 чабырҕахсыт кэлэн кыттыыны ыллылар. Күөн күрэс үөрүүлээх арыллыытыгар Чурапчы улууһун култууратын управлениетын начаалынньыгын солбуйааччы Айталина Смирникова, улуустааҕы Олоҥхо киинин дириэктэрэ Дмитрий Попов эҕэрдэ тылы эттилэр. Манна кыттааччылар ортолоругар, Үөһээ Бүлүү улууһугар Олоҥхо ыһыаҕар ыытыллыбыт чабырҕахсыттар түһүлгэлэрин, былырыын Өймөкөөҥҥө буолбут Олоҥхо ыһыаҕар олоҥхоһуттар итиэннэ чабырҕахсыттар күрэстэрин кылаан кыайыылааҕа, ыаллыы сытар Таатта улууһуттан Александр Никифорович Багардынов кэлэн бүгүҥҥү тэрээһини киэргэттэ, таһымын өссө үрдэттэ:
Чабыраҕынан кэлин улаатан бараммын, оскуолаҕа оҕолору үөрэтэ сылдьаммын устунан бэйэм чабырҕахтыыр буолан барбытым, ити 27 сааспар быһыылааҕа. Ити иннинэ хоһоону даҕаны аахпатах киһи фольклорго чабырҕах нөҥүө тахсыбытым. Онтон устунан тойуктаан, атын жанрдарга сыстан барбытым. Ханнык баҕарар оҕону чочуйан, оҥорон кытыннарыахха сөп бөҕө буоллаҕа, ол гынан баран айылҕаттан айдарыылаах, бэрдэриилээх оҕо диэн букатын туһунан буолар. Тыл саппааһа, тыл баайа диэн чабырҕахха син биир баар буоллаҕа, бэйэҥ эмиэ элбэҕи билэҕин-көрөҕүн. Чабырҕах диэн ийэ тылы эккэр-хааҥҥар иҥэриигэ улахан оруоллаах, киһи өйдүүр дьоҕура эҥин барыта сайдыахтаах. Бэйэм бүгүн былыргы чабырҕаҕы, Дьүлэй Бүөкээн “Билбит-көрбүт” диэн айымньытыттан толорон иһитиннэриэм. Мария Андреевна миигин кэлэн кытын диэн ыҥырбыта хас даҕаны сыл буолла, бу аан бастакыбын кэлэн олоробун, кини үлэтин биир бэйэм олус үрдүктүк сыаналыыбын, дириҥник убаастыыбын. Чабырҕах күрэҕэ сир-сир аайы буолар эрээри Чурапчыга ыытыллар тэрээһин мэлдьи ураты буолар.
Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ