Чурапчы улууһугар кэнники сылларга дьиэ кэргэттэргэ болҕомто биллэ күүһүрдэ. Ол курдук, кинилэргэ аналлаах элбэх өҥөнү оҥорор киин, саастарын ситэри туола илик оҕолору реабилитациялыыр киин саҥа куорпуһугар (уруккута “Дорожник” ХЭТ) арыллара былааннанар.
Саха сиригэр маннык киин аан бастакытын тэриллиэҕэ. Ааспыт сырыыга өрөспүүбүлүкэтээҕи сэминээр-мунньахха бу туһунан сиһилии иһитиннэрдилэр.
Чурапчы оройуонугар кэлим киини тэрийэргэ социальнай, үөрэх, дьарыктаах буолуу, доруобуйа харыстабыла, успуорт, волонтердар, о.д.а. бары наадалаах баар буолуо диэн СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Маннык кииннэр Чурапчы сэлиэнньэтигэр быйыл ахсынньыга оттон Нам улууһугар уонна Дьокуускайга кэлэр сыл саҥатыгар аһыллаллара былааннанар.