Чурапчыга Элбэх өҥөнү оҥорор Дьиэ кэргэн киинин нэдиэлэтэ ыытылынна

      

Бу сыл саҕаланыыта Чурапчыбытыгар элбэх өҥөнү оҥорор Дьиэ кэргэн киинин аһыллыыта өрө көтөҕүллүүлээх быһыыга-майгыга ыытыллыбыта. Чахчы даҕаны, бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бастакылар кэккэлэригэр биһиги маннык кииннэммиппит олус диэн үөрүүлээх, дьоһун ситиһии буолар.

Муус устар 1 күнүгэр манна «Дьиэ кэргэн киинин саҥа кыахтарын, өҥөлөрүн билиһиннэрии» аһаҕас аан күнэ буолан ааста. Бэлиэтээн эттэххэ, бу биир эрэ күннээх тэрээһин буолбакка, бүтүн Арассыыйа үрдүнэн нэдиэлэ устата тиһигин быспакка ыытылла турар араас хайысхалаах тэрээһиннэр. Тэрийээччилэр: олохторугар уустук балаһыанньаҕа түбэспит оҕолору өйүүр пуонда, СӨ үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ, «Биир ньыгыл Арассыыйа» Чурапчытааҕы отделениета, улуустааҕы сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолору реабилитацялыыр киин (элбэх өҥөнү оҥорор Дьиэ кэргэн киинин тэрийиигэ пилотнай бырайыак кыттыылааҕа). «Биир ньыгыл Арассыыйа» партия «Крепкая семья» диэн федеральнай бырайыагын чэрчитинэн бу дьиэ кэргэҥҥэ туһуламмыт тэрээһиннэргэ бары өттүнэн өйөбүл буолар.

Аһаҕас аан күнүгэр улуус оскуолаларын социальнай педагогтара, төрөппүт кэмитиэттэрин салайааччылара, уһуйаан үлэһиттэрэ, төрөппүттэр кытыннылар. Дьиэ кэргэн киинин үлэтин хайысхатын, үлэһиттэрин улуустааҕы сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолору реабилитацялыыр киин дириэктэрэ Мария Саввина билиһиннэрдэ, эҕэрдэ тылларын «Биир ньыгыл Арассыыйа» Чурапчытааҕы отделениетын бырабылыанньатын чилиэнэ Афанасий Максимов, улуус дьаһалтатын социальнай отделын салайааччыта Алена Пермякова эттилэр.

Мария Николаевна этэринэн, урукку кэмнэргэ реабилитационнай киин араас биричиинэнэн учуокка турбут эрэ ыаллары кытары үлэлэһэр эбит буоллаҕына, билигин элбэх өҥөнү оҥорор киин улуус дьиэ кэргэттэрин барытын хабан үлэни тэрийэр. Ол эбэтэр, ханнык баҕарар төрөппүт манна суруйтаран, оҕотун логопедка дьарыктыан сөп (манна аҥаардас логопед эрэ дьарыгынан муҥурдаммакка, психолог көмөтө, анал оборудованиелаах кабинекка оҕону эт-хаан өттүнэн эрчийии эмиэ киирэр), сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолору реабилитацялыыр киин стационарнай отделениета үлэлиир, ону таһынан «Активное долголетие» диэн бырагырааманан аҕам саастаах дьоҥҥо араас хайысхалаах дьарыктар ыытыллаллар. Кылгастык эттэххэ, манна дьиэ кэргэн оҕотуттан кырдьаҕаһыгар тиийэ туһааннаах кыһалҕатын быһаартарыан, ыйытыгар толору хоруйу ылыан сөп.

Бу күн тэрээһин кыттыылаахтара Дьиэ кэргэн киинин үс этээһинэн экскурциялаан толору хааччыллыылаах кабинеттары, саалалары илэ харахтарынан көрдүлэр, исписэлиистэр кэпсииллэрин иһиттилэр. Салгыы психологическай тренинг, хамаандаларынан дьыалабыай оонньуу ыытылынна. Төрөппүттэр санааларын үллэһиннилэр, Дьиэ кэргэн киинин олус астыммыттарын биллэрдилэр, инники үлэҕэ-хамнаска бэйэлэрин өттүттэн туһалаах этиилэри киллэрдилэр. Төрөппүт кэмитиэттэрэ киин үлэһиттэригэр сэмэй бэлэхтэрин ууннулар.

Нэдиэлэ устата нэһилиэктэринэн миэстэтигэр тахсан үлэлэһии, дьоҥҥо-сэргэҕэ киин туһунан сырдатыы, «Активное долголетие» бырагырааманан маастар-кылаастар, оҕолорго кыһыны атаарар үөрүүлээх тэрээһин, сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолорго психолог консультациялара уо.д.а. ыытылла тураллар.

Аһаҕас аан күнүн түмүгүнэн номнуо төрөппүттэр оҕолорун реабилитациялыыр стационарга, логопедка суруйтардылар.

Инникитин элбэх өҥөнү оҥорор Дьиэ кэргэн киинин исписэлиистэрин кэккэтэ өссө хаҥаан, үлэлэрэ таһаарыылаах, ситиһиилээх буоларыгар баҕарабыт!

 

Наталья Сибирякова