Чурапчыга «Дьүөгэ» 20 сылын бэлиэтээтилэр

«Дьүөгэ» диэн тылы иһиттэҕинэ хас биирдии Чурапчы киһитэ киэн туттуу иэйиитинэн туолара саарбаҕа суох. Бэйэбит улууспутун ааһан, бүтүн өрөспүүбүлүкэҕэ, дойдуга, кыраныысса таһыгар даҕаны Чурапчыны үгүстэ ааттаппыт «Дьүөгэ» иис сыаҕа бүгүн, алтынньы 9 күнүгэр, «Айылгы» норуот айымньытын дьиэтигэр 20 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээтэ. Сиһилии видеөларга көрүҥ.

Наталья Сибирякова, ааптар видеоҕа устуута, хаартыскаҕа түһэриитэ


&

;