Кулун тутар 30-31 күннэригэр Дьокуускайга доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо (ПОДА, истибэттэргэ анаммыт спорт көрүҥнэрэ) остуол тенниһигэр өрөспүүбүлүкэ чемпионата буолан ааста.
Чурапчы улууһун 5 спортсмен көмүскээтэ. Ол курдук, бэйэтин бөлөҕөр уопуттаах теннисчит Борис Александров (Болугур) 2-с миэстэҕэ тиксэн, үрүҥ көмүс призер буолла. Сыллата бу көрүҥҥэ үгүс киһи кыттар буолла. Онон дьарыктаах эрэ киһи миэстэлэһэр кыахтаах.
Биһигиттэн Сюзанна Петрова( Чурапчы нэһ.) 4-с миэстэни, Валерий Лыткин (Алаҕар) 5 миэстэни, Дария Иванова (Чурапчы) 8-с миэстэни, Мария Григорьева (Одьулуун) 9-с миэстэни ыллылар.
Биһигини куруутун дьарыктыыр уопсастыбаннай тириэньэрбитигэр Светлана Николаевна Башаринаҕа истиҥник махтанабыт. Инникитин теннисчиттэр хамаандаларыгар эдэр оонньооччулар эбиллэн иһэллэрин туһугар үлэ-хамнас, онно туһуламмыт элбэх дьарык эрэйиллэр.
Иннокентий Матвеев.