Чурапчыга Дмитрий Аммосов кэриэһигэр дуобат улахан түһүлгэтэ тэрилиннэ

Кулун тутар 9 күнүгэр Дмитрий Коркин аатынан Чурапчытааҕы олимпийскай эрэллэри бэлэмниир өрөспүүбүлүкэтээҕи ыспартыыбынай оскуола-интэринээт дуобакка саалатыгар, дуобакка успуорт маастарыгар хандьыдаат, улууспут чиэһин элбэхтик көмүскээбит ыспарсымыан Дмитрий Николаевич Аммосов сырдык кэриэһигэр, Чурапчытааҕы олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыба салалтатын көҕүлээһининэн дуобакка улуустааҕы аһаҕас турнир ыытылынна.

Быйылгы турнир Дмитрий  Николаевич төрөөбүтэ 60 сылыгар ананна. Күрэхтэһии үөрүүлээх чааһыгар, Чурапчытааҕы олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыба тэрилтэтин салайааччыта, дуобат улахан сүгүрүйээччитэ Г.А. Александров, бэтэрээннэр Сэбиэттэрин ааттарыттан Е.И. Саввин, Дмитрий Николаевич оҕо сааһыттан саҕалаан улахан доҕоро, Дьокуускай куораттан В.С. Протодьяконов, дуобатчыт бииргэ төрөөбүт эдьиийэ, успуорт оскуолатын англия тылын учуутала Т.Н. Дьячковская, улуус дуобаччыттарын ааттарыттан А.К. Осипов, турнир кылаабынай судьуйата А.И. Кычкина эҕэрдэ тылы эттилэр, табаарыстарын туһунан истиҥ-иһирэх тылларынан ахтан-санаан аастылар. Барыта холбоон 58 кыттааччы: Таатта, Мэҥэ Хаҥалас, Уус Алдан уонна Чурапчы улуустарыттан кыттыыны ыллылар. Кинилэр истэригэр дуобакка 3 успуорт маастара, 29  успуорт маастарыгар хандьыдааттар күөн көрүстүлэр, кинилэри сэргэ оскуола эдэр дуобаччыттара илин-кэлин түһүстүлэр. Уопсай түмүк биэс бөлөҕүнэн араарыллан таҕыста:

Дьахталларга

1 миэстэ —  Анастасия Собакина (успуорт маастарыгар хандьыдаат);
2 миэстэ — Амелия Местникова (умх);
3 миэстэ — Ангелина Седалищева (умх).

Оҕолорго

1 миэстэ —  Дайаана Захарова (умх);
2 миэстэ — Арсен Местников (2 разряд);
3 миэстэ — Айыына Слепцова (1 разряд).

Эр дьоҥҥо

1 миэстэ —  Николай Кычкин (успуорт маастара);
2 миэстэ — Вадим Федоров (умх);
3 миэстэ — Егор Варламов (умх).

Бэтэрээннэргэ

1 миэстэ — Савва Аргунов (ум);
2 миэстэ — Захар Барашков (умх);
3 миэстэ — Роман Седалищев (умх).


ЖКХ үлэһиттэрин бөлөҕөр

1 миэстэ — Василий Аммосов (умх);
2 миэстэ — Иван Новгородов (ум);
3 миэстэ — Николай Кузьмин (умх).

Төрдүс уонна бэһис миэстэни ылбыт дуобатчыттар “Кыайыыга дьулуурун иһин” анал бириистэринэн наҕараадаланнылар. Маны таһынан, үгүс ахсааннаах сыаналаах бириистэр туттарылыннылар. Ол курдук: тэлэбиисэр, перфоратор, устуруус, болгарка, сыбааркалыыр аппараат, тутууга туттуллар аныгы пылесос, фен, бензин эрбиитэ,  тырааныспарга, дьиэҕэ-уокка, булка туттуллар  араас аныгы  тэриллэр, харчынан сэртэпикээттэринэн кыттааччылары наҕараадалаатылар. Интэринээт-оскуола хочуолунайыгар бииргэ үлэлээбит доҕотторун ааттарыттан Сергей Постников, автомойка бирииһин, бу турнирга мэлдьи ситиһиилээхтик кыттар  Николай Кириллиҥҥэ анаата. Итини таһынан, быйыл үбүлүөйдэрин бэлиэтээбит аҕам саастаах бэтэрээннэргэ эмиэ анал бириистэр туттарылыннылар. Онон дуобаччыттар, тэрийээччилэргэ анаан улаханнык махтаналларын эттилэр. Турнир биир бэлиэ түгэнинэн, Уус Алдан улууһуттан Семен Гоголев, Чурапчыттан Софрон Михайлов — успуорт маастарга хандьыдаат, оттон Андрей Марков бастакы разряд нуорматын толорон, бэйэлэрин кылаастарын үрдэтиннилэр.

Түгэнинэн туһанан күрэхтэһиини тэрийбит, сыаналаах бириистэри туруорбут Чурапчытааҕы олох дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбатын тэрилтэтин салалтатыгар (Г.А. Александровка), тэрилтэ профкомугар (Г.П. Далбаевка), боростуой, үлэһит киһи сырдык аатын үйэтитэн ыытыллар күрэхтэһиини  мэлдьи кыһамньытын уурар, ытыктыыр киһибитигэр И.Г. Макаровка, Дмитрий Николаевич доҕотторугар И.И. Новгородовка, Н.А. Макаровка, бииргэ үлэлээбит, Чурапчы орто оскуолатыгар бииргэ үөрэммит атастарыгар, аймахтарыгар, тэрийсиигэ күүс-көмө буолбут успуорт оскуола салалтатыгар (дириэктэр С. А. Захаровка), Н.Н., А.И. Кычкиннарга, Дмитрий Николаевич сырдык аатын ааттаан кыттыыны ылбыт улууспут бары дуобаччыттарыгар, олоҕун аргыһа Вера Владимировнаҕа, бииргэ төрөөбүттэригэр, аймахтар ааттарыттан барҕа махталларын тиэрдэллэр.

 

Сэмэн Жендринскэй