Олунньу 29 күнүгэр Чурапчыга элбэх өҥөнү оҥорор Дьиэ кэргэн киинигэр бэлиэ түгэн буолан ааста. Ол курдук, быйыл Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, өрөспүүбүлүкэбитигэр Оҕо саас, улууспутугар Ыал саргытын сылын чэрчитинэн үөрүүлээх тэрээһин ыытылынна.
Манна бастакы оҕоломмут уонна элбэх оҕолоох статуһу ылбыт дьиэ кэргэн ийэлэригэр итиэннэ судаарыстыбаттан, өрөспүүбүлүкэттэн көрүллүбүт хапытаалынан туһаналларын туоһулуур сертификаттары, 14 саастарын туолбут түөрт оҕоҕо Арассыыйа гражданнара буолбуттарын бигэргэтэр сүрүн докумуону-паспоры үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттардылар. Ону таһынан Чурапчы нэһилиэгин олохтоохторун, ытыктанар дьону — Мария, Иван Захаровтары ыал буолан, эн-мин дэсиһэн иллээхтик бииргэ олорбуттара 50 сылынан, кыһыл көмүс урууларынан Чурапчы улууһун, нэһилиэгин, Төлөй нэһилиэгин салалталара, тэрилтэ салайааччылара, аймах-билэ дьонноро, оҕолоро, сиэннэрэ, ыкса ыаллара эҕэрдэлээтилэр, наҕараадалары туттардылар. «Ыал саргыта» сыл чэрчитинэн маннык хабааннаах тэрээһин ый аайы буолара күүтүллэр.
Наталья Сибирякова, ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ, видеоҕа устуута