Бүгүн о.э ыам ыйын 16 күнүгэр, нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун Киинигэр “Уопсастыбаҕа туһалаах буолуу!” девиһинэн дьахталлар кулууптарын сүбэ мунньаҕа тэрилиннэ.
Ыҥырыыны ылынан бу сырыыга “Чурапчы улууһун дьахталларын Сэбиэтин” уопсастыбаннай тэрилтэ, “Арассыыйа ийэлэрэ” Чурапчы улууһунааҕы Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Т.В. Павлова, улуустааҕы инбэлииттэр Уопсастыбаларын бэрэссэдээтэлэ С.Н. Хоютанова, Чурапчы улууһун настаабынньыктарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, улуус мунньаҕын дьокутаата Е.С. Иванова, “Чурапчы улууһа” МО дьаһалтатын дьиэ кэргэҥҥэ дьыалатын исписэлииһэ Т.П. Бушкова уонна анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин уопсастыбаннай холбоһугун бэрэссэдээтэлэ Н.Н. Федорова кыттыыны ыллылар.
Кинилэри сэргэ тэрээһиҥҥэ, дьарыктаах буолуу Киинигэр учуокка турар 11 дьахтар кыттыннылар. Кэпсэтиһии кэмигэр тыл этээччилэр, үлэҕэ-хамнаска, олоххо-дьаһахха көхтөөх буолуу, бэйэни сайыннаран карьера өттүгэр үрдэтинии, уопсастыбаннай үлэ көдьүүһэ бука барыта ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит дьиэ кэргэн бигэ туруктаах буолуутугар туһаайылларын бэлиэтээтилэр. Маны таһынан дьахталлар кулууптарын чилиэттэрэ инникитин, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар анаан маскировочнай сиэккэ тигиитигэр кыттыһар санааларын биллэрдилэр.
Сэмэн Жендринскэй