Бэҕэһээ о.э. балаҕан ыйын 8 күнүгэр Чурапчы, Соловьев, Хайахсыт нэһилиэктэригэр олохтоохтор талбыт кандидаттарын туһунан иһитиннэрэн турабыт. Ол эрэн дьон-сэргэ сиһилии, учаастактарынан хас киһи быыбарга тахсыбытын, ханнык хандьыдаакка т өһө киһи куоластаабытын интэриэһиргээн көрдөспүттэрин таһаарабыт.
Чурапчы нэһилиэгэр
Чурапчы нэһилиэгин баһылыгын дуоһунаһыгар икки хандьыдаат туруммута: Семен Семенович Игнатьев уонна Владимир Дмитриевич Сивцев.
Бөһүөлэк иһигэр барыта холбоон 6942 быыбардааччы бэлиэтэнэр:
- “Центральнай” ТОС – 933 быыбардааччытыттан Семен Игнатьевка — 72 (23,38%), Владимир Сивцевка – 234 (75,97%);
- “Куоҕалы” ТОС – 1617 быыбардааччытыттан Семен Игнатьевка – 142 (26,69%), Владимир Сивцевка – 388 (72,93%) ;
- “Маарыкчаан” ТОС – 1630 быыбардааччытыттан Семен Игнатьевка — 156 (29,66%), Владимир Сивцевка – 366 (69,58%);
- “Чараҥ” ТОС – 1211 быыбардааччытыттан Семен Игнатьевка — 93 (23,66%), Владимир Сивцевка – 297 (75,57%) ;
- “Новгородовскай” ТОС – 1551 быыбардааччытыттан Семен Игнатьевка — 157 (28,60%), Владимир Сивцевка – 391 (71,22%);
Ити аата Чурапчы нэһилиэгин иһигэр 6942 быыбардааччытыттан 2308 (33,25%) киһи кыттыыны ылла, Семен Игнатьев туһатыгар 620 (26,86%) оттон Владимир Сивцевка – 1676 (72,62%).
Хайахсыт нэһилиэгэр
Улууспут биир саамай убаастанар, үлэни өрө туппут нэһилиэккэ икки хандьыдаат сайабылыанньа биэрбиттэрэ: Константин Константинович Аржаков уонна Тарас Лукич Тарасов. Хайахсыт нэһилиэгэр – 389 быыбардааччы бэлиэтэммитэ. Константин Аржаковка – 72 (25,26%) оттон Тарас Тарасовка — 211 (74,04%). Нэһилиэккэ 285 (79,26%) киһи быыбарга кытынна.
Соловьев нэһилиэгэр
Саамай уһук тайаан сытар, кэрэ айылҕалаах Мырыла сиригэр-уотугар эмиэ икки хандьыдаат турбута, нэһилиэккэ 412 быыбардааччы бэлиэтэммитэ: Лена Дмитриевна Павлова уонна Виктор Семенович Собакин. Лена Павлова иһин – 33 (15,00%) оттон Виктор Собакин туһатыгар 179 (81,36%) киһи куоластаата. Барыта холбоон 220 (53,40%) киһи кыттыыны ылла. Хахыйах учаастагын 43 быыбардааччытыттан 31 киһитэ Виктор Собакин туһатыгар 100% куоластаатылар.
Сэмэн Жендринскэй