Чурапчыга «Большой этнографический диктант» бүтүн Арассыыйатааҕы акция ыытылынна

Бүгүн, сэтинньи 7 күнүгэр, Е.А.Борисов аатынан киин бибилэтиэкэ-архыыпка үгэскэ кубулуйбут «Большой этнографический диктант» ыытылынна. Сыллата буоларын курдук, чурапчылар эмиэ бу бүтүн Арассыыйатааҕы акцияҕа кыттыһан диктант толоруутугар көохтөөх кыттыыны ыллылар. Түмүк кэлэр нэдиэлэҕэ бу акция сайтыгар тахсыаҕа, кыттааччылар сертификатынан бэлиэтэниэхтэрэ.

Наталья Сибирякова, ааптар видеота