Чурапчыга “Биллибэт саллаат” мемориалыгар сибэкки дьөрбөтүн уурдулар

Чурапчы улууһун, нэһилиэк дьаһалтатын салайааччылара, дьокутааттар ахсынньы 4 күнүгэр Чурапчы нэһилиэгин Бырааба томторугар турар “Биллибэт саллаат” мемориалга сибэкки дьөрбөтүн ууруутугар кытыннылар.

“Биһиги  дьоруойдарбыт сырдык ааттарын мэлдьи өрө тутуохпут, кинилэр ааттара Арассыыйа устуоруйатыгар кыһыл көмүс буукубаларынан суруллаллар. Кинилэр тустарынан сырдык өйдөбүл көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр”, – диэтэ Иван Павлов аатынан “Албан аат” мусуой салайааччыта Михаил Дьячковскай.

 

Тэрээһиҥҥэ Чурапчы улууһун дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Яков Оконешников, Чурапчы нэһилиэгин баһылыга Владимир Сивцев, улуус мунньаҕын дьокутаата Дмитрий Попов, нэһилиэк баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Варвара Макарова кыттыыны ыллылар. Дьоруойдарга албан аат этиитигэр улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Мария Кронникова кытынна.

Санатар эбит буоллахха, ахсынньыга “Биллибэт саллаат” күнэ бэлиэтэнэр. Бырааһынньык РФ территориятыгар уонна тас дойдуларга бойобуой сорудахха сырдык тыыннара быстыбыт, Арассыыйаҕа уонна Сэбиэскэй Сойууска ааттара биллибэккэ хаалбыт буойуттары үйэтитэр сыалтан тэриллэр. Бу күннэргэ Москубаҕа Саха Сирин күннэрин кэмигэр устуоруйа өйдөбүлүгэр анаммыт элбэх дьаһал ыытылынна.

 

Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.