Тоҕус томтордоох Чурапчы нэһилиэгэр киинигэр турар Арчы дьиэтигэр бүгүн сарсыарда 10 чаастан оҕо-аймах, улахан дьон тоҕуоруһа муһуннуллар.

Бу ыйга Үрдүк Айыылартан биирдэстэрэ Билгэ Хаан чугаһыыр. Кини кэлбит бэлиэтинэн чаҕаан диэн кыл тэрил тыаһа буолар. Сүрүн болҕомто билиигэ ууруллар. Ити иһин өйү күүһүрдэр туом оҥоһуллар. Туомҥа Сээркээн Сэһэн суолтата улахан. Кини аата-ахсана биллибэт остуоруйалаах, чабырҕахтаах, таабырыннаах.


Кини итини таһынан күнү-дьылы билгэлиир, үтүө сүбэлэри биэрэр. Өйү эрэйэр, сатабылы сайыннарар хабылык, тыксаан, дуобат курдук оонньуулардаах. Сээркээн сэһэн аам-даам тымныылаах ахсынньы ыйга биһиэхэ күүлэйдии кэлэр. Ахсынньы — саамай тымныы, хараҥа ый сыл, бүтэһик ыйын сахалар Билгэ Хаан ыйа диэн ааттыыллар.

Ахсынньы бүтэй кэм. Айылҕа бүтүннүү утуйар. Сулустар сипсиһэр кэмнэрэ. Оннук кэмҥэ киһи билгэтэ күүһүрэр. Ол иһин былыргы сахалар балаҕаҥҥа хаайтаран олорон, олоҥхону, остуоруйаны истэллэрэ, таабырыннаһаллара, чабырҕахтаһаллара. Киһи өйө-санаата сытыырхайар, куйаар урсунунан, халлаан хаттыгаһынан айанныыр.

Ахсынньы «ахсым тымныынан аныһыйар», тымныы өрөгөйдүүр. Халандаар сылын бүтэһик ыйа. Саамай кылгас күннээх, саамай уһун түүннээх ый. Сарсыарда аайы хойуу туман түһэр. Тымныы тыаһа сып-сырылас. Күн итиитэ төһө да мөлтөҕүн иһин, былыта суох ыраас хаарга араастаан чаҕылыйр. Хаарга ласкай суола тыргыллар. Кини кутуйаҕынан аһылыктанар буолан, кутуйах ханна баар да, онно баар буолар. Кураан дьылларга кутуйах дьон олорор сиригэр кыстыыр. Оттон ласкай эмиэ дьиэ таһыгар чугаһыыр. Дьылҕаһыттар этэллэринэн, көмнөхтөөх кыһыҥҥа саас хаартан элбэх уу кэлэр, үүнүүлээх дьыл буолар.

Ахсынньыга тымныы, хаара суох буоллаҕына, бэс ыйыгар кураан буолар, оттон хаардаах, ичигэс ый буоллаҕына, бэс ыйыгар тымныйар.Ахсынньылаах тохсунньуга тыалырдаҕына, бэс уонна от ыйыгар тоҥоруулар (хаһыҥҥанр) түһүөхтэрэ. Ойбон томточчу тоҥор буоллаҕына – уута суох саас. Ый түүн кыһыллыҥы өҥнөнөр эбэтэр иитэ эмиэ кытархай буолар – хаар түһэр.

Бүгүҥҥү сиэри туому көмөлөһөөччүлэринэн, алгысчыт Мария Божедонова-Сэгэлдьийэ ыытта. Нэһилиэк олохтоохторо, оскуола үөрэнээччилэрэ кыттыыны ыллылар.

Сэмэн ЖЕНДРИНСКЭЙ. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ