Чурапчыга “Безопасный июль” сайыҥҥы сынньалаҥ былаһаакката үлэлээтэ

Былаһааккаҕа ПДН учуотугар турар 10 оҕо сырытта. Былаһаакканы  Чурапчытааҕы саастарын ситэ илик оҕолору реабилитациялыыр киин Чурапчытааҕы полиция отделын кытта тэрийэн үлэлэттилэр.

Сменэ кэмигэр оҕолору сынньатар уонна үөрэтэр биир кэлим бырагыраама оҥоһулунна. “Мин интэриэһим”, “Суолга сэрэхтээх буолуу”, “Каникул кэмигэр эн эрэсиимиҥ” диэн тиэмэлэргэ бэсиэдэлэр, “Мин лидербин”, “Матыыбы таай”, “Кылааты бул” оонньуулар, “Куттала суох интэриниэт” тестирование  ыытылыннылар. Оҕолор “Айыллаан” киинэ тыйаатырыгар, П.И. Барахсанов аатынан пааркаҕа сырыттылар, “Оскуола оҕотун доруобуйатын профилактиката” буклеттары туттулар уонна саамай сүрүнэ өрөспүүбүлүкэтээҕи “Таежный герой” байыаннай-ыспартыыбынай  оонньууга кытыннылар.

Сайыҥҥы былаһаакка үөрүүлээх сабыллыытыгар психолог В. Борисова биирдиилээн консультациялары тэҥэ “Бэйэ ис туруга” тренини ыытта. Маны таһынан ПДН иниспиэктэрэ К. Сивцева, участковай В. Никонов саастарын ситэ илик оҕолор быраабы кэһиилэрин профилактиката, уопсастыбаннай миэстэҕэ сылдьыы туһунан кэпсээтилэр. Оҕолорго “Таежный герой” байыаннай-ыспартыыбынай оонньууларга кыттыбыттарын туһунан дастабырыанньалары туттардылар.

Елена Макаринская