Бэҕэһээ о.э. от ыйын 18 күнүгэр, киэһэ 19 чааһы 20 мүнүүтэ ааһыыта ФАД “Колыма” 146 км, Мугудай нэһилиэгиттэн чугас, суолтан массыына көтөн, ол аттытыгар киһи сытар диэн иһитиннэрии дьуһуурунай чааска киирбитэ.
Бэрэбиэркэ түмүгүнэн, Аллараа Бэстэхтэн Мугудай нэһилиэгэр, “Тойота Премио” массыынанан айаннаан испит соҕотох суоппар, суол салайыытын ааһан баран, тыраасса хаҥас өттүгэр көппүт, массыыната эргийбит. Хомойуох иһин суоппар миэстэтигэр өлбүт.
Массыына суоппар бас билиитигэр учуокка турар, итиэннэ А, А1, В, В1 категориялаах тиэхэньикэни ыытар бырааптаах, ити иннинэ видеокамераларга, түргэн айанын иһин хас даҕаны ыстарааптана сылдьыбыта билиннэ.
Суол саахалын түмүгүнэн бэрэбиэркэ салгыы ыытыллар, билиҥҥи туругунан сүрүн биричиинэтэ – оскуорас эрэсиимин тутуспатаҕа буолар.
Убаастабыллаах суоппардар, чуолаан Чурапчы улууһуттан Дьокуускай куоракка айаннааччылар, аспаал суолунан айанныыргытыгар хайаан даҕаны сэрэхтээх буоларгытын ыҥырабыт. Тыраассаҕа оскуорас 90-тан үөһэ тахсыа суохтаах, ордук суол эргиирдэригэр уонна аспаал алдьаммыт сирдэринэн, анал бэлиэлэри көрөн оскуораскытын намтатаргытын умнумаҥ. Итини таһынан утары иһэр массыынаҕа кутталы үөскэтимэҥ, туһааннаах куттала суох буолуу курун (ремень безопасности) баанан олороргут ирдэниллэр.
Чурапчытааҕы ГИБДД иниспиэктэрэ, полиция капитана Саргылана Никифорова
Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй