Сэтинньи 1 күнүгэр Е.А.Борисов аатынан бибилэтиэкэ-архыыпка «Боотур Уус сыдьааннара» бырагыраама чэрчитинэн улуустааҕы үөрэх управлениетын уонна «Оҕо саас сирдьиттэрэ» («Навигаторы детства») хамсааһын тэрийиилэринэн улуус иһинэн аан бастакытын «Новая философия воспитания» диэн төрөппүттэр уонна педагогтар ааҕыылара ыытылынна.
Бу солун, интэриэһинэй тэрээһин аһыллыытын үөрүүлээх чааһыгар улуус дьаһалтатын социальнай коммуникацияҕа отделын салайааччыта Алена Пермякова, үөрэх управлениетын салайааччытын солбуйааччыта Афанасий Максимов эҕэрдэ тылларын эттилэр.
Ааҕыылар үс секциянан ыытылыннылар: 1.»Пространство детских инициатив: ресурсы и технологии организации воспитательной деятельности» (экспертэр: Евгения Горохова, иитэр үлэҕэ дириэктэр сүбэһиттэрин муниципальный координатора, «Навигаторы детства»; Любовь Макарова, Бүтүн Арассыйаатаҕы оҕо уонна ыччат “Бастыҥнар” хамсааһынын Чурапчы улууһугар исписэлииһэ; Марфа Жергина, Чурапчытааҕы аграрнай-техническэй колледж кафедратын сэбиэдиссэйэ, преподавателэ, научнай салайааччы, РФ үөрэҕгириитин уонна иитии эйгэтин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ профессиональнай үөрэхтээһинин туйгуна); 2.»Инфраструктура детства и воспитания в образовательной организации: ресурсы развития и партнерства» (экспертэр: Евгения Чичигинарова, улуустааҕы үөрэх управлениетын иитии уонна эбии үөрэхтээһин салаатын начальнига, Анна Гуляева, педагогическай наука кандидата, СӨ үтүөлээх учуутала, Д.П. Коркин аатынан Чурапчытааҕы республиканскай спортивнай эрэллэри бэлэмниир орто-интэринээт оскуола научнай үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы, Антонина Капрынова, Чурапчы улууһун үөрэх управлениетын психологическай отделын начальнига); 3. » Развитие ответственного родительства: содействие воспитательным ресурсам семьи» (экспертэр: Екатерина Хоютанова, үөрэх управлениетын иитии уонна эбии үөрэхтээһинин сүрүннүүр исписэлииһэ, Татьяна Макарова, педагогическай наука кандидата, Чурапчытаагы спортивнай институт педагогика уонна психология кафедратын сэбиэдиссэйэ, Лена Винокурова, үөрэх управлениетын психолого-педагогическай отделын сүрүннүүр исписэлииһэ).
Экспертэр барыта 73 кыттааччыттан (ол иһиттэн 62 педагог, 11 төрөппүт) 46 үлэни көрдүлэр-иһиттилэр.
Уопсай түмүккэ бастакы секцияҕа – Сылаҥ оскуолатыттан Аграфена Трофимова лауреат аатын ылла, Болтоҥо оскуолатыттан Диана Павлова 1-кы, Чурапчы «Туллукчаан» уһуйааныттан Зоя Прокопьева 2-с, Хатылыттан Василина Карпова уонна Надежда Кривошапкина 3-с степеннээх дипломнары туттулар.
Иккис секцияҕа — Чурапчы гимназиятыттан Инга Слепцова лауреат буолла, Одьулуунтан Прасковья Гладкина уонна Надежда Кривошапкина 1-кы, Болтоҥоттон Туяра Седалищева 2-с, Төлөй нэһилиэгин «Кустук» уһуйаанын иитээччилэрин хамаандата 3-с степеннээх дипломнарынан наҕараадаланнылар.
Үһүс секцияҕа — С.А.Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын төрөппүт кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Анна Можарова лауреат буолары ситистэ, Арыылаахтан төрөппүт Елизавета Попова 1-кы, Д.Д.Красильников аатынан Мугудай орто оскуолатын учууталларын уонна төрөппүттэрин хамаандата 2-с, Кытаанах орто оскуолатыттан Анисия Дьяконова 3-с степеннээх диломнары туттулар.
Онон улууска бастакытын ыытыллар диэтэххэ, үгүс кыттааччылаах, интэриэһинэй тиэмэлэрдээх бэрт сэргэх, туһалаах дьаһал буолла. Инникитин даҕаны бу бачыым салҕанан, кэҥээн үүнэ-сайда турдун.
Наталья Сибирякова