Бүгүн Чурапчы нэһилиэгин килбэйэр киинигэр сабыс-саҥа, иһиттэн-таһыттан тупсаҕай көрүҥнээх, дьоҥҥо истиҥ сыһыаннаах, аныгы олоххо ааттыын даҕаны ураты “БАРЫС” маҕаһыын аанын тэлэччи арыйда. Маҕаһыын хаһаайкатынан, урбаанньыт Александра Константиновна Осипова буолар. Саҥа маҕаһыын хас эмэ сүүһүнэн үгүс, туһалаах табаары аҕаларынан олохтоохтору күннэтэ үөрдэр.
Саҥа атыы уораҕайа арыллар сиэригэр-туомугар алгысчыт Анна Васильевна Диодорова кыттыыны ылла. Кини маҕаһыын элбэх атыылаһааччылаах, уйгулаах-быйаҥнаах буоларын туһугар алгыһы түһэрдэ, дьиэни-уоту арыылаах алаадьынан, биэ кымыһынан күндүлээтэ. Александра Константиновна хас биирдии кэлбит ыалдьыты үөрэ-көтө көрүстэ, ону кытта маҕаһыын аттыгар олорор элбэх оҕолоох ыалларыгар, эрэллээх атыылаһааччыларыгар сэмэй бэлэхтэри туттартаата.
Мария Луковцева, Чурапчы нэһилиэгин олохтооҕо: “Манна биһиги ханнык даҕаны атын маҕаһыыннартан булбат табаардарбытын атыылаһабыт. Маҕаһыын хас да хайысханан үлэлиирин ордоробут, аны эппит бириэмэҕэр талбыт бородууктаҕын дьиэҕэр тириэрдэн биэрэллэрэ ол саамай үчүгэй. Аһа-үөлэ кэмиттэн-кэмигэр быстыбакка кэлэн иһэр. “Барыс” хотуна, үлэһиттэрэ дьоҥҥо-сэргэҕэ үчүгэй сыһыаннаахтарынан, эллэккэйдэринэн биллэллэр. Наһаа үчүгэй маҕаһыын, өссө да үүнэ-сайда турдуннар, аҕалар табаара өссө элбээтин”.
Клавдия Гуляева, Төлөй нэһилиэгин олохтооҕо: “Бу маҕаһыыны эрдэ өр баҕайы “ханна аһылынна буолла?” диэммин сүтэрэ сылдьыбытым. Эрдэ оҥоро сылдьылларын сайын көрөр этим. Онтон аһыллыбытын истэммин кэллим, наһаа үчүгэй маҕаһыын. Маҕаһыын хаһаайката бэйэтинэн олус элэккэй кыыс, куруук астына көрөбүн. Инникитин даҕаны үчүгэйдик үлэлээтиннэр, элбэх бородууктаны аҕаланнар нэһилиэнньэни хааччыйа турдуннар”.
Василий Диодоров, Болугур нэһилиэгин олохтооҕо: “Оо, “Барыска” сылдьыбытым 5-6 сыл буолла. Туох бааргын барытын мантан булаҕын уонна сыаналара үчүгэй, чэпчэки. Кууһунан эҥин атыылаһан барарга олус табыгастаах. Бүгүн бу саҥардыы кэллим, анаан-минээн киирэн эҕэрдэлээтим. Үлэҕэ-хамнаска ситиһиилэри баҕарабын!”
Юрий Степанов, “Барыс” маҕаһыын тутаах үлэһитэ: “Манна үлэлээбитим уонча сыл буолла. Маҕаһыыны бэйэм кэлэммин тутуспутум. Үлэһит киһи үлэлиир буоллаҕа, хамнаспыт кэмиттэн-кэмигэр кэлэр, үчүгэйдик төлүүллэр, баҕардахпына аванса көрүллэр. Көтүтээһинэ эҥинэ суох үчүгэйдик үлэлии сылдьабын. Ассортимент элбэх, ардыгар бэйэм даҕаны буккулла сыһабын, ордук үүт, эт уонна сок түргэнник бүтэр. Салгыы даҕаны үлэлиэхпит турдаҕа” (үөрэр).
Салгыы Александра Осипова санаатын үллэһиннэ: — Бүгүҥҥү эппиэтинэстээх күммүтүгэр, биһиги үөрүүбүн кэлэн үллэстибит дьоммор-сэргэбэр махталым муҥура суох. “БАРЫС” диэн бу улууһум бар дьонугар ананар аат, бука бары кыахтаахтык, барыстаахтык дьаһанан сылдьыаҕын диэн, Чурапчыбыт улууһа үүнэ-чэчирии туруохтун. Чурапчыбыт нэһилиэгэ тупсарын туһугар сахалыы дууһалаах маҕаһыыны биһиги дьиэ кэргэн туттубут, биир дойдулаахтарым миигин кытары тэҥҥэ үөрэллэрэ буолуо диэн эрэнэбин. Инникитин да элбэх былаан баар.
Миэхэ күүс-көмө, сүбэ-ама буолбут күндү дьоммор ийэбэр Екатерина Ивановаҕа, аҕабар Константин Аркадьевичка, тутааччыбытыгар, Дириҥнээҕи эһэбитигэр Петр Николаевичка уонна эбэбитигэр Светлана Петровнаҕа, бииргэ төрөөбүт эдьиийбэр, балыспар, бииргэ үөрэммит табаарыстарбар, өрүү аттыбар баар дьүөгэлэрбэр, дьиэ кэргэммэр махталбын тиэрдэбин! Инникитин даҕаны биһиги маҕаһыыммытыгар кэлэҥҥит ыалдьыттааҥ, эһиэхэ эрэ анаан сарсыарда 9 чаастан киэһэ 23 чааска диэри эбиэтэ, өрөбүлэ суох үлэлиибит!
Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ