Бүгүн, тохсунньу 24 күнүгэр, Чурапчы ыспартыыбынай албан аат буоларыгар бастакы суолу тэлээччилэртэн биирдэстэрэ, оройуоҥҥа маассабай успуорт, физкултуурунай хамсааһын талааннаах салайааччыта Афанасий Кирикович Софроновка анаммыт бүүскэ сибэкки дьөрбөтүн уурдулар.

Бу күн, тохсунньу тоһуттар тымныытыгар, 1928 сыллаахха Одьулуун нэһилиэгэр, колхуостаах дьиэ кэргэҥҥэ, Чурапчы оройуонугар физическэй култуура уонна успуорт сайдыытыгар улахан кылаатын киллэрбит, успуорт эйгэтин бөдөҥ салайааччыта күн сирин көрбүтэ.

Бүгүн улууска, улахан успуорт бырааһынньыга! “Айылгы” НАДь-гэр Виктор Дьяконов таҥан таһаарбыт “Чурапчы – бу дьоллоох түһүлгэ” кинигэ сүрэхтэниитэ уонна ааспыт сылы түмүктээн чөмпүйүөннэри чиэстиэхтэрэ. Ол иннинэ “Боотур Уус” стадион киирэр ааркатыгар турар, Афанасий Софронов бүүһүгэр тыл этиилээх, сибэкки дьөрбөтүн уурдулар.

Долгутуулаах чааска, улуус баһылыга Степан Саргыдаев, Афанасий Кирикович төрөппүт кыра кыыһа, саха дьахталларыгар сэдэх идэлээх башнялаах кыраан масаныыһа Елена Софронова тыл эттилэр. Билигин Елена Афанасьевна уолаттара Артем уонна Данил эһэлэрин араспаанньатын киэн тутта сүгэллэр. Онон утум салҕанар!

Справка

С первых дней трудовой деятельности Афанасий Кирикович Софронов вплотную работал с спортивной элитой района, впоследствии с основателями знаменитой спортивной школы-интерната с директором Алексеем Спиридоновичем Шадриным, тренером Дмитрием Петровичем Коркиным, его соратником Константином Сергеевичем Постниковым, с секретарями райкома партии Степаном Николаевичем Ноговицыным, Егором Михайловичем Филипповым, Ильей Павловичем Листиковым, председателями райисполкома Степаном Гаврильевичем Охлопковым, Романом Романовичем Бурнашовым, Михаилом Ефимовичем Пермяковым, с заведующим районным отделом народного образования  Гаврилом Гаврильевичем Кардашевским, Аркадием Егоровичем Филипповым. Пользовался большим авторитетом среди председателей колхозов Ивана Ильича Сивцева, Тимофея Гаврильевича Тоскина, Марка Романовича Яковлева, Романа Афанасьевича Филиппова, Егора Прокопьевича Коркина и других, которые материально помогали, поддерживали спорт района.

Полный новаторскими идеями, имеющий творческий подход председатель спорткомитета района начал открывать совершенно новые спортивные секции. Тренерами назначались местные и приглашенные из республики специалисты: выпускник Ленинградского института, учитель русского языка и литературы Дмитрий Петрович Коркин – вольная борьба, ветеринар Борис Гаврильевич Тытыгынаев – настольный теннис, учитель физкультуры Николай Иванович Куличкин – бокс, Поликарп Егорович Барахсанов – русская лапта, Иван Егорович Дьячковский – городки, Михаил Иннокентьевич Белых – легкая атлетика, Алексей Иванович Потапов – волейбол, лыжный спорт, Илья Семенович Федоров – спортивная ходьба, бег на длинные дистанции, Егор Семенович Николаев – фехтование, Павел Михайлович Стасов – стрельба из лука и другие. Школьники, молодежь, механизаторы, плотники, учителя, врачи, труженики сельского хозяйства втягивались в спорт.  

Участились соревнования, товарищеские встречи с соседними районами, проводились тренировки сборных команд. У спортсменов появилась уверенность в своих силах и возможностях.

Результаты не заставили долго ждать. В крупных республиканских соревнованиях начали занимать призовые места. Первый ошеломляющий успех пришел сразу через год – третье место во второй группе на II Спартакиаде народов Якутии в 1958 году, после Нюрбинского, Усть-Алданского районов. На III Спартакиаде народов Якутской АССР 1960 года и на IV Спартакиаде 1962 года сплоченная и сильная команда Чурапчинского района уверенно заняла первые места!

Чурапчинцы добивались успехов по настольному теннису, становились чемпионами Дальнего Востока, бронзовыми призерами ДСО «Урожай» РСФСР, занимали второе место в чемпионате Дальнего Востока и Сибири по русской лапте. Не перечислить победы лучших борцов-вольников. Успехи лыжников, волейболистов, шашистов, велосипедистов, боксеров и многих других спортсменов. Это было невероятно!

Исключительно преданный своему любимому делу руководитель физкультурного движения Афанасий Кирикович Софронов доказал свой организаторский талант, умение найти общий язык, работать с людьми, создавать настоящие коллективы в самых разных видах спорта.

Даже, будучи тяжело больным, тащил, уже на своих хрупких плечах все спортивные действия, мероприятия района. Команда Чурапчи принимала самое активное участие в национальных видах спорта. На I Спартакиаде Василия Манчаары в 1968 году заняла третье место, первое место на III Спартакиаде Василия Манчаары в 1971 году – это был последний год жизни выдающегося организатора сельского спорта…

Все спортивные достижения Чурапчи связаны с именем А.К. Софронова.

Пусть останется навеки в сердцах многих поколений доброе и светлое имя заслуженного работника культуры Якутской АССР, почетного члена ДСО «Урожай» РСФСР, отличника физической культуры СССР, пламенного пропагандиста физкультуры и спорта, выдающегося организатора физкультурного движения Афанасия Кириковича Софронова!

 

Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ