Бүгүн, эрдэ биллэриллибитин курдук Чурапчы улууһугар “Ыал саргыта” сыл чэрчитинэн, аан бастакытын дьиэ кэргэн эт-хаан өттүнэн сайдыылаах буолуутугар туһуламмыт успуорт бырааһынньыга “Боотур Уус” стадиоҥҥа саҕаланна.

Барыта холбоон оройуоммут нэһилиэктэриттэн 13 ыал кытта кэллилэр. Кинилэр бука бары саастарынан үллэриллэн бэйэлэригэр анаммыт нормативтарын туттарыахтара.

Тэрээһин үөрүүлээх арыллыытыгар улуус баһылыга Степан Саргыдаев, улуус дьаһалтатын успуорка управлениетын начаалынньыга Дьулустан Егоров, улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Мария Кронникова, күрэхтэһии сүрүн судьуйата Семен Артемьев кыттыыны ыллылар. Степан Анатольевич бэйэтин этиитигэр, инникитин өссө элбэх ыалы кытыннарарга үлэ-хамнас туһуланыахтаах диэн бэлиэтээтэ, кыттааччыларга ситиһиини, кыайыыны-хотууну баҕарда.

Дьулустан Васильевич эппитинэн, кыайыылаах дьиэ кэргэттэргэ бука барыларыгар мэтээллэр, грамоталар, успуорт управлениетын аатыттан бириистэр туттарыллыахтара ону таһынан кыттааччылар анал бейджиктэрин нүөмэринэн сүрүн бириис – убаһа оонньонуоҕа диэтэ.

 

Сэмэн Жендринскэй