ЧУРАПЧЫГА АҔАМ СААСТААХТАРГА АНАЛЛААХ ДЭКЭЭДЭ ЫЫТЫЛЫННА

Алтынньы 1 күнэ—Аан дойду үрдүнэн аҕам саастаах дьон күнүнэн биллэр. Дириҥ, модьу силиһэ суох киһи инникигэ эмиэ эрэлэ суох. Өбүгэлэрбит мээнэҕэ «Кырдьаҕаһы хааһахха сүгэ сылдьан сүбэлэт»,-диэн эппэтэхтэрэ чахчы.

Биһиги улууспутугар үгэс быһыытынан сыл аайы бу күн аҕам саастаахтарга аналлаах араас тэрээһиннэр ыытыллаллар. Быйыл алтынньы 2 күнүгэр кырдьаҕастарга анаммыт дэкээдэ аһыллыыта «Утум» дьиэтигэр алгыһынан, арчыланыынан саҕаланна.

Манна мустубут ытык дьоммутун Чурапчы улууһун дьокутааттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Яков Оконешников, улуустааҕы социальнай харалта управлениетын салайааччыта Лидия Тосукаева, бэтэрээннэр сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Матрена Матвеева эҕэрдэлээтилэр. Быйыл улууспутугар «Ытыктабыл» сыла биллэриллибитэ улахан суолталааҕын, хас биирдии киһи төрдүн-ууһун, норуотун устуоруйатын билиэхтээҕин, орто, эдэр саастаах көлүөнэҕэ кырдьаҕастар мындыр өйдөрүнэн, сүбэлэринэн-амаларынан, холобур буолар олохторунан, үлэлэринэн-хамнастарынан мэлдьи күүс-көмө, тирэх буолалларын тоһоҕолоотулар. Лидия Васильевна социальнай харалта управлениетын өттүттэн аҕам саастаахтарга аналлаах чэпчэтиилэргэ, өйөбүлгэ туох уларыйыылар киирбиттэрин, чуолаан биһиги улууспутугар аһыллаары турар Дьиэ кэргэни өйүүр элбэх функциялаах кииҥҥэ кинилэргэ сыһыаннаах туох көмө оҥоһуллуохтааҕын сырдатта.

Салгыы икки автобуһунан Чурапчытааҕы устуоруйа уонна этнография мусуойун дириэктэрэ Юрий Толстоухов салайыытынан Чурапчыбыт нэһилиэгин устун экскурсияҕа бардылар. Олорор түөлбэбит күннэтэ тупсарыттан, киэркэйэриттэн үөрэн, астынан кэллилэр. Күнүс 2 чаастан Арчы дьиэтигэр араас маастар-кылаастар ыытылыннылар. Манна аҕам саастаахтар кылынан, оҕуруонан оҥоһуктарга, хомуска, аныгы үйэ сайдыытын батыһа сотовай төлөпүөн сыһыарыыларын хайдах туттарга уо.д.а. маастар-кылаастарга үөрэннилэр.

Дэкээдэ кэмигэр улуус нэһилиэктэригэр аҕам саастаахтарбытыгар аналлаах араас таһымнаах тэрээһиннэр, Чурапчы тэрилтэлэрин өттүлэриттэн аһаҕас аан күннэрэ, исписэлиистэр, волонтердар көмөлөрө, балыыһаларга быраастар көрүүлэрэ, о.д.а. ыытылыннылар.

Наталья Сибирякова.