Чурапчыга «Аҕам, ийэм уонна мин –биир күүс» күрэх ыытылынна

Сэтинньи 28 күнүгэр А.К.Софронов аатынан спортивнай саалаҕа өрөспүүбүлүкэтээҕи доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолор төрөппүттэрин кытары спортивнай күрэхтэһии буолла. Уопсайа 5 улуустан 8 хамаанда кыттыыны ыллылар: Амма, Нам, Мэҥэ-Хаҥалас, Таатта,Чурапчы.

Күрэх икки бөлөҕүнэн ыытылынна: 7-лэриттэн 10 саастарыгар диэри оҕолор уонна 11-тэн 13 саастарыгар диэри оҕолор төрөппүттэринээн. Тыҥааһыннаах киирсии түмүгүнэн бастакы бөлөххө үһүс миэстэ Намтан Артем Винокуров төрөппүттэринээн буоллулар; иккис миэстэни Амматтан Мирослав Неустроев дьонунаан ыллылар; өрөгөйдөөх бастакы миэстэҕэ Чурапчы Кытаанаҕыттан Альберт Афанасьев дьиэ кэргэнинээн таҕыстылар. Артур Аммосов хамаандатыгар биһирэбил бириис, туоһу сурук ананна. Иккис бөлөххө үһүс миэстэ Мэҥэ-Хаҥаластан Андрей Егоров хамаандата; иккис миэстэ Намтан Артем Матаннанов дьонунаан; бастакы миэстэ Амматтан Милана Артемьева төрөппүттэринээн буоллулар. Тааттаттан Алена Макарова хамаандатыгар биһирэбил бириис, туоһу сурук туттарылынна. Бары кыайыылаахтарга диплому сэргэ сыаналаах бириистэр туттарылыннылар, кыттааччылар бука бары илии тутуурдаах, өттүк харалаах тарҕастылар.

Тэрээһиммит аһыллыытыгар Чурапчы улууһун аҕа баһылыга Степан Саргыдаев, киин балыыһа кылаабынай бырааһа Николай Сивцев, Сахабыт сирин доруобуйаларынан хааччахтаахтар уопсастыбаларын  бэрэссэдээтэлэ Ирина Лебедева тыл эттилэр, күрэххэ кытта кэлбит хамаандаларга махталларын биллэрдилэр, истиҥ баҕа санааларын тиэртилэр Ирина Васильевна өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыба аатыттан махтал суруктары туттартаата.

Күрэхпитин иилээн-саҕалаан Кылаабынай судьуйа Чурапчытааҕы оҕо спортивнай оскуолатын тренерэ Е.Е.Куприянов итиэннэ улууспут адаптивнай спордун исписэлииһэ И.К. Матвеев күрэхпитин иилээн-саҕалаан ыыттылар. Ону тэҥэ Ева Илларионова салайыытынан волонтердар наһаа үчүгэйдик үлэлээтилэр.

Өссө төгүл үөрүүбүтүн үллэстибит, өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнаах күрэхтэһиибитин тэрийсибит улууспут бары  салалтатыгар, «Айылгы» норуот айымньытын дьиэтин, «Айыллаан» сынньалаҥ киинин; улуустааҕы киин балыыһа, Дьиэ кэргэҥҥэ элбэх өҥөнү оҥорор киин кэлэктииптэригэр, волонтердарбытыгар, суоппардарбытыгар, Саха сирин доруобуйаларынан хааччахтах дьон түмсүүтүн салалтатыгар дириҥ, истиҥ барҕа махталбытын тиэрдэбит!

 

Чурапчы улууһун доруобуйаларынан хааччахтаахтар түмсүүлэрин бырабылыанньата.