Чурапчыга 1 мөл. 600тыһ. солкуобай бүддьүөттээх, 250-ча артыыстаах, 1000 кэриҥэ көрөөччүлээх – Сыл бастыҥ туруоруута (Фоторепортаж)

«Айылгы» норуот айымньытын дьиэтигэр РСФСР уонна Саха АССР үтүөлээх артыыһа Петр Михайлович Решетников аатынан Чурапчытааҕы норуодунай тыйаатыр 55 сыллаах, үбүлүөйдээх сезона «Куруубай хааннаах Кулун Куллустуур» дьүһүйүү-олоҥхонон арылынна. Туруоруу олоҥхоһут Иннокентий Гурьевич Тимофеев – Теплоухов төрөөбүтэ 155 сылыгар ананна.

Дьүһүйүүгэ «Куруубай хааннаах Кулун Куллустуур» олоҥхо иккис чааһа көһүннэ. Ол курдук, Кулун Куллустуур Күн Толомон Ньургустайдыын үс уол оҕону төрөтөн, олохторун айаныгар күчүмэҕэй моһоллору туорууллара, абааһы адьарайын кыайыылара өрөгөйдөөхтүк ойууланна.

Олоҥхону режиссер СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Иван Иванович Бушков туруорда. Манна, кэрэхсэбиллээҕэ диэн, 250 улуус олохтооҕо, бииртэн-биир ураты талааннаах дьон кыттан, чахчы да, норуот бырайыагынан буолла.

«Туруоруубутугар Кулун Куллустуур иккис үйэтигэр, орто дойдуга дьиэ-уот тэринэн олоҕун оҥосторо кэпсэнэр. Сүрүн дьоруойбут Орто, Үөһээ, Аллараа дойдуга бэйэтин куруубай хаанынан биллэн, охсуһуутунан баппатын иһин Үөһээ айыылар ойууттары ыытан, өлөрөн баран, Күн Толомон Ньургустайга сорудахтаан тилиннэрэллэр. Дьэ, онтон саҕаланар дьүһүйүүбүт историята, ис хоһооно. Бу олоҥхобутун норуот туруоруута диэтэхпинэ сыыспаппын. Манна эрдэттэн бэлэмнэнэн улуустааҕы култуура салалтата сыл устата ыытар уус-уран самодеятельноһын бэстибээлигэр Олоҥхоҕо хайысхата баар буолбута. Ол түмүгэр «Айар кыл» төрүт инструменнар ансаамбыллара тэриллэн, аан бастаан сыанаҕа таҕыстылар. Ол курдук, бөлөххө Кытаанахтан, Чакыртан, Хайахсыттан, Болтоҥоттон, Хатылыттан кырыымпаҕа оонньуур дьон мустан, дьарыктанан бүгүн сүрэхтэннилэр. Маны таһынан биир улахан ситиһиибитинэн олоҥхоҕо ылланар тойугу Ирина Чепалова мелодияҕа киллэрэн, Екатерина Лыткина нуотаҕа  түһэрэн, Үрдүкү муусука оскуолатын оркестрын салайааччыта Александр Кузьмин бэйэтэ тылланан муусукатын оҥорон , Чурапчы хуора биир улахан репертуарданна. Бу алгыс ырыаны уопсайа 170 киһи — Чыаппара, Хоптоҕо, Мугудай, Хатылы олохтоохторо уонна Чурапчы гимназиятын, Чурапчытааҕы «Туллукчаан” уһуйаан үлэһиттэрэ ыллыахтара. Сүрүн оруоллары Чурапчы талааннаах эдэр артыыстара толордулар. Дьүһүйүү улуус  дьаһалтатын үбүнэн өйөбүлүнэн, онно эбии «Айылгы” дьиэтэ утары үп уган туруорулунна. Онон туруоруубут үгүс үлэттэн таҕыста”, — диэн режиссер Иван Бушков испэктээк иннинэ кэлбит дьоҥҥо-сэргэҕэ   билиһиннэрдэ.

Норуодунай тыйаатыр үбүлүөйдээх сезона аһыллыбытынан, «Куруубай хааннаах Кулун Куллустуур» дьүһүйүү-олоҥхо 30 сыл буолан баран саҥалыы тыыннанан күндү көрөөччүгэ тахсыбытынан улуус баһылыга Степан Саргыдаев,

Чурапчы нэһилиэгин баһылыга Владимир Сивцев,

улуустааҕы култуура салалтатын начаалынньыга Петр Гуляев эҕэрдэлээтилэр итиэннэ  улуус социальнай-экономическай сайдыытыгар кылааттарын киллэрсибит норуодунай тыйаатыр үлэһиттэрин, испэктээк тахсыытыгар үлэлэспит дьону-сэргэни чиэстээтилэр.

«Үтүө суобастаах үлэтин иһин» улуус бэлиэтин 1990-1998 сылларга тыйаатыр худуоһунньугунан таһаарыылаахтык үлэлээбит Олег Осиповка, улуус баһылыгын Махтал суругун Күн Толомон Ньургустай алгыһын мелодиялаан таһаарбыт СӨ Үөрэҕириитин туйгунугар Елена Чепаловаҕа, нэһилиэк баһылыгын Махтал суругун норуодунай тыйаатыр артыыһыгар Ольга Ноеваҕа туттардылар. Ону таһынан режиссер Василий Николаев Өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын дьиэтин Махтал суругунан,  норуодунай тыйаатыр артыыһа Юрий Толстоухов «СӨ норуот уус-уран айымньытын сайдыытыгар кылаатын иһин» үрдүкү бэлиэнэн ,»Айыллаан» култуура киинин исписэлииһэ Иннокентий Поисеев улуустааҕы  култуура салалтатын үрүҥ көмүс бэлиэлээх Бочуотунай грамотатынан уонна  ССРС уонна СӨ култууратын туйгуна Иван Еремеев,  тыйаатыр бэтэрээн артыыстара Спартак Слепцов, Гурий Монастырев, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Екатерина Лыткина  «Чурапчы улууһун култууратын уонна ускуустубатын сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэнэн уо.д.а. наҕараадаланнылар.

Салгыы биир чаас устата Олоҥхо дойдутугар умсан ылбыт көрөөччүлэртэн санааларын үллэстэллэригэр көрдөстүбүт.

Любовь Варламова, Чурапчы нэһилиэгин олохтооҕо:

— Олус кэрэ, уһулуччу үчүгэй туруорууну көрөн, сөҕүөхпүн сөхтүм. Дьүһүйүүгэ олоҥхо сиэдэрэй көстүүтүн толору көрдөрдүлэр, муусуката, уота-күөһэ чахчы чаҕылхай буолбут. «Браво” эрэ диэхпин баҕарабын. Чурапчы норуодунай тыйаатыра үрдүк таһымнааҕын өссө төгүл бигэргэттэ. Режиссерга, артыыстарга махтанабын, өссө да сайда туруҥ. Наһаа үчүгэй.

Наталья Захарова, Чурапчы нэһилиэгин олохтооҕо:

— Биһиги киэн туттар олоҥхоһуппут И.Г. Тимофеев – Теплоухов «Куруубай хааннаах Кулун Куллустуур” олоҥхотун Чурапчы талааннах режиссера Иван Бушков саҥалыы тыыннаан туруорбутун биһирээтим. Эдэр артыыстар оруолларын итэҕэтиилээхтик оонньоон, дьоруойдарын олус үчүгэйдик арыйдылар. Испэктээк тэтимнээхтик барда. Киһи биир тыынынан көрөр. Бэйэм Василий Николаев олоҥхону муусуканан киэргэппитин ордук сөбүлээтим. Ону таһынан Василий Брызгаев үҥкүүнү туруоран, испэктээги ситэрэн-хоторон биэрдэ. Дьүһүйүүгэ кыттыбыт, үлэлээбит дьоҥҥо-сэргэҕэ махталбын тиэрдэбин, ситиһиилэри  баҕарабын.

Марфа Петрова

Сэмэн ЖЕНДРИНСКЭЙ хаартыскаҕа түһэриитэ