Кэтэһиилээх Саҥа дьылбыт бырааһынньыга үүнэрэ аҕыйах хонук хаалла. Ахсынньы алыптаах күннэригэр Саҥа дьыллааҕы харыйа уота улуус кииннэригэр сандаарда. Маны сэргэ көрүөхтэн кэрэ муус, хаар оҥоһуктар бөһүөлэги киэргэттилэр. Чурапчы нэһилиэгин Ленин аатынан киин болуоссакка былырыын муус оҥоһукка остуоруйа куобахтарын оҥорбут буоллахтарына, быйыл уран тарбахтаахтар саҥа сыл бэлиэтин Дракону оҥорорго ылыстылар.
Томороон тымныылардаах кырыа кыһыммытыттан иҥнибэккэ Владимир Дарамаев, Николай Христофоров уонна Дмитрий Барашков салайааччылаах үс биригээдэ тус туһунан бигэргэммит эскистэринэн муус оҥоһуктары оҥордулар.
Дмитрий Барашков, маастар:
«Муус оҥоһугу кыспатаҕым син ыраатта. Болуоссакка хас да сыллааҕыта Саҥа дьыллааҕы оҥоһугу оҥоро сылдьыбытым. Быйыл холонон көрөргө сананным. Миигин кытта Владимир Верховцев үлэлээтэ. Оҥоһукпут ирдэбилинэн биэс миэтэрэ уһуннаах, икки миэтэрэ үрдүктээх буолла. Матырыйаалбытыгар быһа холоон 35 см. кэтиттээх муустары туһанныбыт. Халлаан күүскэ тымныйа сылдьыбытыгар, таанын ыраастыырбытыгар, дьаарыстыырбытыгар күчүмэҕэйдэри көрүстүбүт. Төһөнөн салгын тымныы да, соччонон муус кэбирэх буолар. Оттон халлаан сылыйдаҕына, кыһарга да, сымнаҕас курдук буолар. Онон халлаан арыычча туран биэрбитигэр кыһыы үлэтин түмүктээтибит. Былааннаабыппыт курдук оҥоһукпутун өрөбүллэргэ бүтэрдибит», — диэн үлэтин билиһиннэрдэ.
Салгыы умсугутуулаах дьарыгын туһунан маннык кэпсээтэ:
— Сүрүн үлэм таһынан, иллэҥ кэммэр эбэтэр үлэ чааһын кэнниттэн маннык төһө кыалларынан уһанарбын сөбүлүүбүн. Кыһынын муус оҥоһугу оҥорорго, үлэҕэ үлүһүйэн киһи тымныыны да билбэккэ хаалар, аччыктаабытын да умнар. Күнүм бүппүтэ эрэ баар буолар. Оттон тымныыны саныы сырыттахха, биллэн турар, киһи сатаан үлэлээбэт. Бэйэҕин бэйэҥ албыннаатахха сатанар.
Дмитрий бэйэтэ үөрэтэр — оҥорон таһаарар кэмбинээккэ тимир ууһун куруһуогун үлэлэтэр. Оскуола үөрэнээччилэрэ дьарыкка кэлэн, тимиртэн күннээҕи туттуллар тэриллэри оҥороллор эбит. Ааспыт ыйга оҕолор сахалыы быһах оҥорон, байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарга анаан ыыппыттара.
Ити курдук, уустар төһө да кыһыҥҥы тымныылар турдаллар Чурапчыбыт дьонугар-сэргэтигэр тупсаҕай, көрүөхтэн кэрэ бэлэҕи оҥорорго кыһаллаллар.
Марфа Петрова.