Чурапчы – үүнүү — сайдыы суолунан

Олох-дьаһах. Кэнники биэс сыл устата улууска олоҕу-дьаһаҕы тупсарыыга ыытыллыбыт үлэ-хамнас

Дьон сэргэ Чурапчыбыт улууһа сылтан сыл сайдан-чэчирээн иһэрин, өрөспүүбүлүкэҕэ инники күөҥҥэ сылдьарын бэлиэтииллэр. Дойдубут сайдарын, олохпут уйгута тупсарын туһугар Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин олохтообут киэҥ хабааннаах национальнай бырайыактара, бырагыраамалара тирэх буолаллар. Сайдыы тэтиминэн олох хаачыстыбата үрдүүр. Национальнай бырайыактар олоххо киириэхтэриттэн, кэнники биэс сыл иһигэр  улууспутугар үлэ сүрүн хайысхаларыгар туох ситиһилиннэ, туох үтүө өрүттээх хамсааһын таҕыста?

Тутуу

Тутуу эйгэтэ улууспутугар күннэтэ тэтимнээхтик сайдар, улахан болҕомто ууруллар хайысханан буолар. Ол курдук 2019 сыллаахха Чурапчы нэһилиэгэр 98 уонна 240 миэстэлээх оҕо уһуйааннара, Хатылы нэһилиэгэр спорт саала, Төлөй нэһилиэгэр 75 миэстэлээх уһуйаан, 2020 сыллаахха 200 миэстэлээх Чурапчытааҕы судаарыстыбаннай үнүстүүт уопсайа, Кытаанах нэһилиэгэр 90 да 25 миэстэлээх оскуола-сад тутуллан киирбиттэрэ. 2022 сыллаахха Хадаар нэһилиэгэр сынньанар — сайдар киин, Хайахсыт нэһилиэгэр 90 да 40 миэстэлээх оскуола сад тутуллубуттара. 2023 сыллаахха Хатылы нэһилиэгэр «Сайдыы» олорор кыбаартал, Чурапчы нэһилиэгэр киин болуоссат, 2024 сылга Мындаҕаайы нэһилиэгэр 120 миэстэлээх оскуола, Чурапчыга дьиэ кэргэҥҥэ элбэх өҥөнү оҥорор киин олоххо киирбиттэрэ. Бу күннэргэ Чурапчы нэһилиэгэр Е.А. Борисов аатынан бибилэтиэкэ-архыып, А.К. Софронов аатынан спортивнай комплекс уонна күүтүүлээх балыыһабыт иккис уочарата аһыллаары тураллар.

”Хаарбах дьиэттэн көһөрүү” федеральнай бырагырааманан 2019 сыллаахха Чурапчы нэһилиэгэр 50 кыбартыыралаах, Хадаар нэһилиэгэр 12 кыбартыыралаах, Сылаҥ нэһилиэгэр 22 кыбартыыралаах уопсай дьиэлэр тутуллан киирбиттэрэ. 2020 сыллаахха Чурапчы нэһилиэгэр икки 30-туу кыбартыралаах, Хахыйахха 4 кыбартыыралаах уопсай дьиэлэр тутуллан, олохтоохтор саҥа дьиэ күлүүһүн туппуттара.  2021 сыллаахха Чурапчы нэһилиэгэр икки 50-нуу кыбартыыралаах, Кытаанахха 14 кыбартыыралаах, Кындал учаастагар 8 кыбартыыралаах, Төлөйгө 24 кыбартыыралаах уопсай дьиэлэр тутуллубуттара. 2022 сыллаахха Чурапчы нэһилиэгэр 50 уонна 13 кыбартыыралаах, Мырылаҕа 16 кыбартыыралаах, Хатылыга 24 кыбартыыралаах, Арыылаах нэһилиэгэр 7 кыбартыыралаах уопсай дьиэлэр олоххо киирбиттэрэ. 2023 сыллаахха Чурапчы нэһилиэгэр 53 уонна 50 кыбартыыралаах, Арыылаахха 7 кыбартыыралаах, Болтоҥҕо 13 кыбартыыралаах уопсай дьиэлэр тутулланнар, бу нэһилиэк олохтоохторун олорор усулуобуйалара тупсубута. Ити курдук, биэс сыл иһигэр улуус үрдүнэн «Хаарбах дьиэттэн көһөрүү” бырагырааманан 20 уопсай дьиэ тутулунна. Уопсайа, 26 082,81 кв.м. иэннээх дьиэ тутуллан, 1386 ыал саҥа дьиэ күлүүһүн туттулар.

“Тулаайах оҕолору дьиэнэн хааччыйыы” судаарыстыбаннай бырагырааманан кэнники сылларга Чурапчы нэһилиэгэр түөрт уопсай дьиэ тутуллан, 32 оҕо дьиэнэн хааччылынна.

“Эдэр ыаллары дьиэнэн хааччыйыы” бырагырааматынан уопсайа 26 271 974,98 солк. үп көрүллэн, 31 ыал субсидиянан туһанна.

Суолу оҥоруу

2023 сылга улуус иһинээҕи муниципальнай суоллары көрүү боломуочуйата нэһилиэктэргэ бэриллиннэ. Барыта 7 мөл солкуобай кэриҥэ үп көрүллэн үлэ барда. Мындаҕаайыга киирии, Чурапчы-Арыылаах, Хатылы-Соловьев нэһилиэктэрин суолларыгар, Чурапчы нэһилиэгин иһинээҕи суолларга үлэлэр ыытыллыннылар. 2023 сылтан саҕалаан, Мырыла – Даайа-Аммата хайысхатынан сытар суол 3 км уһуннаах учаастагын тутуута саҕаланна. Аукцион түмүгүнэн «МонтажСервис» ХЭТ кыайыылааҕынан биллэриллэн, 90 542 293 солкуобай суумалаах контракт баттанна. Ону таһынан өрөспүүбүлүкэтээҕи суолталаах Хоптоҕо-Хадаар-Хайахсыт нэһилиэктэринэн ааһар «Абалаах» суол тутуутугар 2023 сылга «Дороги Саха» тэрилтэни кытта контракт баттаныллан, үлэтэ быйыл саҕаланыаҕа.

Гаас ситимэ

2020 сыллаахха Чакыр нэһилиэгэр уонна Чурапчы нэһилиэгэр 8-с пусковой гаас ситимэ олоххо киирбитэ. 2021 сыллаахха Хоптоҕо нэһилиэгэр 1-кы уонна 2-с пусковой. 2022 сыллаахха Чурапчы нэһилиэгэр 7-с пусковой, 2023 сыллаахха 9-с пусковой күөх төлөн ситимэ олоххо киирбитэ. Ол курдук, уопсайа, улууспутугар кэнники биэс сыл иһигэр гаас ситимигэр 2000 ыал холбонно: Хатылыга — 34, Хадаарга — 72, Хайахсыкка — 97, Чакырга — 127, Одьулууҥҥа — 90, Дириҥҥэ — 249, Чурапчыга 1331 ыал гааска холбонно. Маны тэҥэ 64 хомунаалынай бытовой эбийиэк гаас ситимигэр холбонно. Улууспутугар газопровод уопсай уһуна 253 км. тэҥнэстэ.

Сибээс    

2019-2023 сылларга оптоволокно нөҥүө түргэн интэриниэт ситимэ Сылаҥ, Кытаанах, Арыылаах, Алаҕар, Бахсы, Одьулуун, Дириҥ, Хадаар, Болугур, Соловьев, Төлөй, Чурапчы, Болтоҥо, Хатылы, Хайахсыт, Мугудай  нэһилиэктэригэр,  Бэрэ, Түөйэ, Кындал, Уорҕа учаастактарыгар киирбитэ. Быйыл былаанынан Дириҥҥэ уонна Уорҕаҕа киирэн, улууспут 100% түргэн интэриниэккэ холбонуохтаах.

Доруобуйа харыстабыла

Улуус киинигэр уонна нэһилиэктэргэ, поликликаны сэргэ, 11 врачебнай амбулатория, 5 фельдшерскэй-акушерскай, 4 фельдшерскай пуун, 1 быраас уопсай быраактыкатын офиһа, сэллик диспансера үлэлииллэр. Бырааһынан хааччыллыы — 84%, 60 быраас үлэлиир. Орто медицинскэй персоналынан хааччыллыы — 101%. «Земскэй быраас” бырагырааманан 54 эдэр быраас, “земскэй фельдшер” бырагырааманан 10 исписэлиис үлэлээн аастылар.

2020 сыллаахха Бахсы нэһилиэгэр фельдшерскай-акушерскай пуун, 2023 сыллаахха Алаҕар нэһилиэгин врачебнай амбулаторията тутуллан, оборудованиенан хааччыллан, үлэлии тураллар. Күүтүүлээх оройуоннааҕы балыыһа иккис уочарата тутуллан, бу күннэргэ аһыллаары турар. Маны сэргэ «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыагынан биэс сыл иһигэр 1 УЗИ, 6 ИВЛ, 6 кислороднай концентратор, электроэнцефалограф, компьютернай томограф, миэстэтигэр тиийэн үлэлииргэ аналлаах флюорография уонна маммография  түһэрэргэ ПАЗ автобус, 2 суһал көмө уонна 11 УАЗ массыыналар улууспутгар ананан кэлбиттэрэ. Судмедэкспертиза дьиэтэ тутуллан бүтэн, сотору кэминэн оборудование кэлэн таҥыллыаҕа. Саҥа видео-эндоскопическай оборудование ылыллан ис уорганнарга үрдүк таһымнаах операциялары ыытарга, тостуулаахтарга кыра хайытыынан уҥуох иһигэр штифт киллэрэн тостууну көннөрөр операциялар саҕаланнылар.

Үөрэхтээһин

Чурапчы улууһугар үөрэхтээһин тиһигэ ситимнээхтик сайдар,  уопсай үөрэхтээһини 16 уһуйаан, 25 оскуола, 3 эбии үөрэхтээһин тэрилтэтэ хааччыйаллар.

Дойду салалтата үөрэх тэрилтэлэрин матырыйаалынай-техническэй базалара хаҥыырыгар ураты болҕомто уурар. Ол курдук  үөрэх тэрилтэлэрэ аныгылыы оборудованиенан, кабинеттарынан хааччылыннылар, саҥа тутуулар ыытылыннылар.

«Үөрэхтээһин» национальнай бырайыак олоххо киириитэ тэтимирэр. 2019 сылтан саҕалаан “Точка Роста” цифровой уонна гуманитарнай, естественнэй-научнай уонна технологическай хайысхалаах эбии үөрэхтээһин кииннэрэ улууспут 15 оскуолатыгар киирдэ.  Аныгылыы тиэхиникэнэн толору хааччыллыбыт кабинеттар биология, химия, физика предметтэрин үөрэтиигэ, оҕолор наука эйгэтигэр сысталларыгар, табатык туһаналларыгар ананар. 2024 сылга 5 оскуолаҕа “Точка Роста”  эбии киириэхтээх, оччотугар  орто оскуолалар 100 % хааччыллыахтара.

12 оскуола «Цифровая образовательная среда» бырайыагынан үлэлиир. Сенсорнай интерактивнай систиэмэлээх, ноутбуктаах кабинеттарга түргэн интэриниэккэ холбонон, үөрэнээччилэр билиилэрин хаҥаталларыгар сөптөөх усулуобуйа тэрилиннэ. 2024 сылга В.С. Соловьев-Болот Боотур аатынан Хатылы орто оскуолатыгар киирэрэ былааннанар.

«Успех каждого ребенка» федеральнай бырайыак чэрчитинэн эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэригэр саҥа миэстэлэр арыллан, усулуобуйа тупсарыллан оҕо дэгиттэр сайдарыгар кыахтар үөскээтилэр. Чурапчытааҕы үөрэтэн-оҥорон таһаарар кэмбинээккэ эбии үөрэхтээһин саҥа кэбиниэтэ арылыбыта. «Мейкер» техническэй хайысханан «Легковой массыыналары өрөмүөннүүр слесарь» эбии үөрэхтээһин бырагыраамата олоххо киирбитэ. 2023 сылга туристическай-краеведческай хайысхаҕа “Кустук – күөх эйгэ” бырагырааманан «Радость» оҕо дьоҕурун сайыннарар кииҥҥэ, Чурапчытааҕы оҕо спортивнай оскуолатын «Буулдьанан ытыы» уонна «Хайыһар» көрүҥэр оборудование кэлбитэ.

“Спорт саалаларын уларытан оҥоруу” бырагырааматынан  2022 сыллаахха А.И. Федотов аатынан МФСК-ка  тустуу саалата үлэҕэ киирбитэ. Быйыл Төлөй орто оскуолатыгар тустуу саалата саҥардылынна.

Национальнай бырайыагынан сыллата тырааныспарынан хааччыллыы тупсан иһэр. Ааспыт үөрэх дьылыгар Алаҕарга, Хайахсыкка, Соловьевка, Мугудайга,  Бахсыга – “Газель”, Чурапчы гимназиятыгар – «ПАЗ» оҕону таһар  автобустар кэлбиттэрэ.

Быйыл «Комплексное развитие сельских территорий» федеральнай  бырагыраама чэрчитинэн  Роман Иннокентьевич Константинов аатынан Амма орто оскуолатын саҥа таас эбийиэгэ сылы көрсө аанын тэлэччи аста.

Социальнай харалта

Дьиэ кэргэн бэлиитикэтигэр үгүс өрүттээх өйөбүл миэрэлэрэ олохтонон, дьиэ кэргэн туруктаах буоларыгар үлэлииллэр. Ол курдук биэс сыл иһигэр бастакы оҕо төрөөһүнүгэр 405 эдэр ыалга 15 351 172,00 солкуобайдаах биир кэмнээх босуобуйа, үһүс уонна  онтон элбэх оҕо төрөөһүнүгэр 1817 ыалга 328 519 522,9 солкуобайдаах босуобуйа көрүллэн төлөннө. 322 оҕо уопсайа 9 725 000,00 солкуобай суумалаах “Үйэ оҕолоро” хапытаал сэртипикээтинэн туһаннылар. 1032 киһи социальнай контракт баттаһан, бэйэ дьыалатын тэриннилэр. Манна 125 633 510,00 солкуобай суумалаах өйөбүл көрүлүннэ. Биэс уонна онтон элбэх оҕолоох ыаллар олорор усулуобуйаларын тупсарыыга улуус үрдүнэн 31 ыал 110 449 179,90 солкуобай суумалаах көмөнү туһанна.

Чааһынай дьиэни киинтэн ититэр ситимҥэ холбоппут 280 ыалга 22 420 294,00 солк., онтон гаастааһыҥҥа 1036 ыалга 131 962 852,00 солкуобай суумалаах аадырыстаах көмө оҥоһулунна.

Тыа хаһаайыстыбата   

Бүтэһик биэс сыл иһигэр, биһиги улууспутугар көрүллэр субвенция кээмэйэ 297 мөлүйүөн солкуобайтан 431 мөлүйүөн суумаҕа диэри улаатта, ол эбэтэр 45%.

Саха Сирин улуустарын ортотугар Чурапчы улууһа сылгыны үөрдээн иитиигэ инники күөҥҥэ сылдьар. Биэс сыл иһигэр сылгы ахсаана 16,4 тыһыынчаттан 16,9 тыһыынчаҕа диэри, эбэтэр 3 бырыһыанынан элбээтэ. Сылгыны иитэр 9 база тутулунна. Маны сэргэ, эти соҕотуопкалааһын 20 быраһыанынан улаатан, 3,9 тыһыынча туоннаҕа диэри улаатта, ыһыы иэнэ 1 быраһыанынан улаатан, 2,4 тыһыынча гектар буолла.

2019 сылтан саҕалаан, саҥа федеральный бырайыак чэрчитинэн бааһынайдары уонна кэпэрэтииптэри өйүүр саҥа граннар олохтоммуттара. Ол курдук, бүтэһик 5 сыл иһигэр “Агростартап” граҥҥа 10 киһи тиксэн, 25 мөл. солкуобайдаах көмөнү ыллылар.

Оттон “Ыал фермата” граҥҥа 5 сыл иһигэр 8 киһи тиксэн, 70 мөл. солкуобайдаах көмөнү ыллылар.

Чурапчы улууһугар баар 4 племенной хаһаайыстыба биэс сыл иһигэр 47,5 мөл. солкуобайы племенной төбөҕө ылла. Улууска баар хаһаайыстыбалар бүддьүөт көмөтүнэн 5 сыл тухары 400 племенной сылгыны, 100 племенной сүөһүнү атыыластылар.

Көрөрбүт курдук, улууска биэс сыл иһигэр киэҥ хабааннаах, үтүмэн үлэ-хамнас ыытыллыбыт. Манна сорох хайысхалар өссө киирбэтилэр. Маныаха тыа сирин сайдыытыгар, хас биирдии киһи олоҕо-дьаһаҕа тупсарыгар, үлэ-хамнас бары хайысхалара үтүө түмүктэри ситиһэллэригэр, тэтимнээхтик сайдан иһэллэригэр туһуламмыт  национальнай бырайыактар үлэлэрэ көдьүүстээҕэ бигэргэннэ.