Кулун тутар 1-2 күннэригэр Уус Алдан улууһун Найахы нэһилиэгэр, учуутал, оскуола дириэктэрэ, “Найахы” сопхуос парткомун 1-кы сэкирэтээрэ, зооинженер, улуустааҕы исполком Сэбиэтин норуодунай дьокутаата Владимир Дмитриев бирииһигэр хабылык уонна хаамыска көрүҥнэригэр, биирдиилээн бастыыр иҺин Х-с үбүлүөйдээх өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһии буолан ааста.
Уопсайа холбоон 14 улуустан 114 кыттааччы, алта бөлөҕүнэн сэттэ араас көрүҥү толорон илин-кэлин түһүстүлэр. Ол курдук, “Күөрэгэй” – 10, “Сулус” – 13, “Умсаах” – 9 түһүмэхтээх оонньуулара бастакы күн ыыттылынна.
Чурапчы хамаандатыттан 1-кы бөлөххө, оҕолорго Чакыр нэһилиэгиттэн Арина Кузьмина, аан бастакытын өрөспүүбүлүкэ күрэҕэр 2-с миэстэни ылан хамаандатын дьонун улаханнык үөртэ, 3-с бөлөххө эр дьоҥҥо, успуорт маастарын нуорматын былырыын толорбут, Кэскил Михайлов (Чакыр) 3 миэстэ, 6-с бөлөххө, “Сахаада” успуорт маастара Алексей Васильев (Төлөй) 2 миэстэ буоллулар. Бастакы күн түмүгүнэн, Чурапчы хамаандата үс бириистээх миэстэни ылла.
Иккис күн сүрүн оонньууларга ол эбэтэр хабылык, биэстээх, сэттэлээх хаамыскаларга күрэхтэҺии ордук тыҥааһыннаах буолла.
Кэскил Михайлов 3-с бөлөххө 2 миэстэ, Алексей Васильев 6-с бөлөххө 2 миэстэ, 4-с бөлөххө Андрей Деллохов 3 миэстэ ылары ситистилэр.
Кэлиҥҥи бириэмэҕэ Чакыр нэһилиэгэр хабылык, хаамыска көрүҥэ сайдыытын иккис тыына киирэн эрэр диэххэ сөп. Бу көрүҥү, билигин хомойуох иһин биһиги кэккэбитигэр суох, Михаил Адамов өрө тутан утумнаахтык дьарыктаабыта, ол да иһин буолуо ситиҺиилэр кэлэ тураллар. Бу күн, Кэскил Михайлов уонна Анна Николаева оҕолору умсугутан дьарыктыыллара олус хайҕаллаах.
“Чурапчы командатыттан 10 ыспарсымыан кыттан алта бириистээх миэстэҕэ тигистэ Быйылгы сыл ситиһиилэринэн саҕаламмыта хас биирдиибитигэр инники эрэли күүһурдэр. Барыыга-кэлиигэ, айаммытыгар көмөлөспүт сахалыы остуол оонньуутун бэдэрээссийэтигэр улахан махталбытын тиэрдэбит”, — диэн күрэхтэһии призера, СӨ сахалыы остуол оонньууларын успуордун маастара, Төлөй орто оскуолатын дириэктэрэ Андрей Васильевич Деллохов эттэ.
Сэмэн Жендринскэй