Тохсунньу 18-19 күннэригэр Дьокуускайга «Триумф» успуорт уораҕайыгар чэпчэки атлетикаҕа доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо өрөспүүбүлүкэтээҕи кыһыҥҥы чөмпүйэнээт буолан ааста.
Уопсайа 15 улуустан 133 ыспарсымыан кэлбит. Быйылгы чөмпүйэнээт уратытынан — оскуола улахан кылааһын үөрэнээччилэрэ кытыннылар. Чурапчыттан 17 ыспарсымыан, ол иһиттэн 4 оскуола үөрэнээччитэ кытынна.
Икки күннээх күрэхтэһии түмүгүнэн улуус сүүмэрдэммит хамаандата, кыахтарын толору туһанан, бириистээх миэстэлэргэ тигистилэр, 15 мэтээллээх дойдуларыгар эргилиннилэр. Ол курдук, үс кыһыл көмүс, сэттэ үрүҥ көмүс, биэс боруонса мэтээл хаһаайыннарынан буоллулар.
Улахан дьоҥҥо спорт ПОДА ядрону быраҕыыга Михаил Кривошапкин кыайыылааҕынан таҕыста. ЧГФКСИ устудьуона Иван Хоютанов (Мырыла), Николай Фомин (Хоптоҕо) 2 миэстэҕэ тигистилэр. Анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа Олег Сивцев (Чурапчы) ядрону быраҕыыга, 60 миэтэрэҕэ сүүрүүгэ 3-с миэстэлэри ылла.
Истибэттэр успуортарыгар Мария Капрынова (Төлөй), Егор Шамаев (Чурапчы) иккилии дистанцияҕа — 400м., 800 м . 2-с миэстэлэргэ тигистилэр.
Көрбөттөр успуортарыгар Петр Елисеев (Чурапчы), Василий Филиппов (лидер) 60 м. уһуҥҥа эмиэ 2-с миэстэ буоллулар.
Доруобуйаларынан хааччахтаах дьон успуортарыгар Валентина Дьячковская (Чурапчы) 60 м. уһуҥҥа иккистээтэ, оттон 200 м. сүүрүүгэ 3-с миэстэ буолла.
Оҕолорго Мичийэ Павлова (Чурапчы орто оскуолата) ядрону быраҕыыга уонна 60 м. сүүрүүгэ чөмпүйүөн үрдүк аатын ылла. Айхал Охлопков (Бахсы оскуолата) ядрону быраҕыыга 2-с миэстэ буолары ситистэ. Уруйдаана Родионова (Чурапчы), Нина Дьячковская (Арыылаах) бастакы сүрэхтэниилэрин аастылар.
Улуустааҕы адаптивнай успуорт салайааччыта Иннокентий Матвеев быйылгы чөмпүйэнээккэ эдэрдэр кыттыылара элбэзин уонна уопсай түмүк көрдөрүүтэ лаппа тупсубутун, өрөспүүбүлүкэҕэ адаптивнай успуорт күүскэ сайдан иһэрин бэлиэтээтэ. Бары ыспарсымыаннары дьоһун ситиһиилэринэн эҕэрдэлээн туран махтанна. Өссө да дьаныардаахтык бэлэмнэнэнэн, улахан түһүлгэлэргэ чаҕылхай кыайыылары ситиһэллэригэр баҕарда.
Анна Захарова
Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй