Уустук кэмҥэ Сахабыт сирин дьоно-сэргэтэ түмсүүлээҕин, биир санаалааҕын көрдөрөр. Байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан волонтёрдар тус бэйэлэрин баҕаларынан үгүс көмөнү оҥороллор. Кыра оҕоттон саҕалаан ким төһө кыахтааҕынан өйөбүл буолаллар.
Ааспыт нэдиэлэҕэ Ил Дархан «Саха сирин волонтёрдара» диэн бэстибээл чэрчитинэн байыаннай дьайыы волонтёрдарын көрсөн наҕараадалаата. Манна Чакыр нэһилиэгин олохтооҕо, актыбыыс волонтёр Лена Адамова Махтал сурук тутта. Лена Егоровна 8 оҕо амарах ийэтэ, 8 сиэн эйэҕэс эбэтэ. «Тулуйхан» доруобуйаларынан хааччахтаах дьон түмсүүлэрин бэрэссэдээтэлэ, I-кы истиэпэннээх «Дьоруой ийэ» наҕараада хаһаайката, Чурапчытааҕы Арассыыйа ийэлэрин түмсүүтүн чилиэнэ. Кини үлэтин-хамнаһын туһунан маннык үллэстэр:
— 2022 сыл балаҕан ыйыттан, Дьокуускай куоракка көһөн киириэхпиттэн, «Саха сирэ эйигин кытта!» хамсааһыҥҥа волонтёрунан үлэлиибин. Бу уопсастыбаннай хамсааһын пуунугар көмөнү хомуйууга үлэлиибит. Биһиги байыастарга эми-тому, таҥаһы-сабы, күннээҕи туттар малы-салы, эбии тэрили уо.д.а. хомуйан ыытабыт. Пууҥҥа улуустар, тэрилтэлэр, урбаанньыттар, чааһынай дьон аҕалбыт көмөлөрүн ааҕабыт, наардыыбыт. Салгыы байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар уонна госпитальларга араанньа буолан сытар биир дойдулаахтарбытыгар ыытабыт. Кулун тутар ыйтан иистэнэр сыах арыллыбата, онтон ыла дождевик, маскировочнай халаат, көстүүм, саа хаата, сүгэр суумка, баайыы, аптечка тигэн саҕалаабыппыт. Матырыйааллары выпустар?, чааһынай дьон аҕалбыттара. Салгыы маскировочнай сетка оҥорор буолбуппут. Үлэбитин өрөспүүбүлүкэбит салалтата өйүүр буолан гуманитарнай көмөбүт харгыһа суох уолаттарбытыгар тиийэр.
— “Саха сирэ эйигин кытта!” уопсастыбаннай хамсааһын ыстааба Дьокуускайга Орджоникидзе аатынан уулусса 10-гар баар, сарсыарда 10.00 чаастан киэһээ 19.00 чааска диэри үлэлиир. Ким баҕалаах бэйэтин кыаҕынан тус көмөтүн оҥорон кыайыыга кылаатын киллэриэн сөп.
Людмила Горохова