Чурапчы ураты дьоҕурдаах сиэстэрэтэ Анна Романова

Аан дойдуга  тыһыынчанан ааҕыллар  араас идэлээх дьон үлэлээн-хамсаан, олоҕу тута-айа сырыттахтара.Туһата суох диэн идэ суоҕа буолуо. Ол эрээри мин олортон биир саамай суолталаах  идэлээх эмчиттэри ааттыам этэ. Онтон сиэттэрэн, бүгүн Чурапчыбыт улууһун биир ураты дьоҕурдаах,сатабыллаах сиэстэрэтин туһунан суруйарга сананным.

Кини кимий уонна тоҕо?

Мин Сэбиэскэй Сойууска (ССРС-ка) 52, саҥа Арассыыйаҕа 33 сыл курдук олорон кэллим. Ол усталаах-туоратыгар төһөлөөх элбэхтик  араас курортарга, санаторийдарга сынньамыппын, балыыһаларга эмтэммиппин киһи ааҕан сиппэт. Ордук кэнники 20-чэ сылга сүрэхпинэн ИБС диэн диагностанан, онно эбии 2 төгүл хамсык ыарыыга хаптаран, быыһыгар тымныйан эҥин Дьокуускайга, улууспар, арааһа, ортотунан, сылга иккилиитэ араас балыыһаларга эмтэннэҕим буолуо. Ол иһин, таарыччы, бачча сааспар диэри этэҥҥэ кэлбиппэр бары эмчиттэргэ, этэргэ дылы, сиртэн халлааҥҥа диэри улахан махтал! Дьэ, ити, киһини билэр буолуохпуттан 80-ча  сыл устата, балыыһаларга сытарбар, курортарга, санаторийдарга сынньанарбар, көннөрү да доруобуйабын көрдөрөрбөр анаалыска төһөлөөх элбэхтик илиим тымырыттан хаан ылбыттарын, систиэмэ арааһын туруорбуттарын, укуол бөҕөнү биэрбиттэрин  ааҕан сиппэккин. Ону барытын быраастар быһаарыыларынан, балыыһа тутаах үлэһиттэрэ – сиэстэрэлэр барахсаттар оҥороллор.

Кинилэр онно бары аан бастаан тоҥолоҕуҥ үрдүнэн эрэһиинэлээх жгут быанан ыга баайан, тымыргын булаары, сорохтор өссө тарбахтаргын хамсаттараллар. Ол кэнниттэн испиирдээх анал баатанан сотон баран, испириистэрин иннэтин сэрэнэн тымыргар анньан киллэрэллэр. Онно,сороҕор,тымыргын сатаан булларбакка, бигээн көрө-көрө хос-хос анньаллара, киллэрэн баран тымыры көрдөөн хамсаталлара баар чахчы. Буолумуна, үгүс дьон тымырдара букатын көстүбэттэрэ, ордук кыра оҕолор гиэнин тута булларыы уустук бөҕө буоллаҕа.

Оттон биһиэхэ, Чурапчыга, Анна Афанасьевна Романова (Кузьмина) диэн төрүт да баайбакка (жгуттаабакка) эрэ, анал баатанан сотон, тымыргын биирдэ анньаат, була охсон, хааҥҥын анаалыска анаан оборторбутунан, эбэтэр укуолуҥ эмин киллэрбитинэн барар ураты дьоҕурдаах сиэстэрэ баар. Начаас икки ардыгар бүтэрэ охсор. Саамай үчүгэйэ, иннэтин киллэрэригэр төрүт ыалдьыбат, билбэккэ да хаалаҕын.Тоҕо диэтэххэ, анньара түргэнэ бэрт. Туттара-хаптара букатын аптамаат курдук. Биир даҕаны туора хамсааһыны оҥорбот. Киһи сөҕөр эрэ! Дьиҥнээх профессионал!

Туох да омуна, киэргэтиитэ суох мин үйэбэр, ити суруйбутум курдук, төһөлөөх элбэх балыыһаларга эмтэммитим, курортарга, санаторийдарга сынньаммытым буолуой?!  Ол эрээри Анна Афанасьевна курдук “быата-туһаҕа” суох тымыры булларар, ыарыыта суох укуоллуур сиэстэрэҕэ олох түбэһэ иликпин. Эһиги түбэспиккит дуо? Саарбах.

Мин киниэхэ элбэхтик хаан анаалыһын биэрбитим. Улууспут дьоно бары кэриэтэ биэрдэхтэрэ. Биирдэ  таһыттан сылдьан, хас да күн укуол ылбытым. Онно эмиэ баайбакка эрэ биэрэрэ. Ону сөҕөр этим эрээри, кырдьаҕас киһи тымырым көстө сылдьар  буолан итинник оҥорор буоллаҕа дии саныырым. Онтукам сыыспыт эбиппин.

Быйыл бу олунньу саҥатыгар тымныйан бырааска көрдөрбүппэр, хаан анаалыһын биэрэр  уонна 10-ча күн укуол ыларбар суруйбута. Сарсыарда  анаалыспын биэрэ, таас балыыһаҕа хойутуу тиийбиппэр, Анна соҕотоҕун ыла сылдьар эбит.Үгэһинэн, баайбакка эрэ начаас икки ардыгар ылла. Эбиэт иннигэр поликлиникаҕа укуолбун ыла тиийбитим, эмиэ кини биэрдэ.Онно көрбүтүм –  кини дьоҥҥо барытыгар баайбакка эрэ укуол оҥорор эбит.

Тас көрүҥүнэн сахаҕа ортону үрдүнэн уҥуохтаах,сырдык сэбэрэлээх, аҕыйах саҥалаах, олус сэмэй майгылаах. «Сиэстэрэлээбитиҥ хас сыл буолла?» диэбиппэр, «23-с сылым» диэтэ.

Төрдүн-ууһун улаханнык туоһуласпатым эрээри, Аня төрүт Чурапчы сэлиэнньэтин олохтооҕо эбит. Эһэтэ Куһумуун Баһылай диэн райпоҕа килиэп таһыытыгар уһуннук үлэлээбит кырдьаҕас суоппар баарын саастаах дьон өйдүүллэрэ буолуо.

Анна дьиэ кэргэнин, наҕараадаларын эҥин туһунан сиһилии туоһуласпатым.  Уоллаах-кыыс оҕолоох эбит.

Бу ыстатыйабын төлөпүөммэр бэчээттээн «тоҥсуйа» ололордохпуна, улууска биир биллэр атаһым эрийдэ. Онуоха кэпсээним быыһыгар, бу “Романова диэн дьикти дьоҕурдаах сиэстэрэ туһунан ыстатыйа суруйан бэчээттии олоробун” диэбиппэр, киһим: — Ээ, билэбин-билэбин. Хайаан да суруй. Өссө өрөспүүбүлүкэ хаһыатыгар суруйуохха баар этэ. Сорохтор кинини «сестра от бога» дииллэр. Дьон киниэхэ укуоллата сатааччылар, — диэн тэптэрэн биэрдэ. Аны биир киһиэхэ кэпсээбиппэр «төрүт киһи тымырын рентген курдук көрөр» диэн ытаһалаата.

Бу – дьон санаата! Итинтэн ордук хайдах хайгыахха сөбүй?

Тус бэйэм уонна үгүс дьон сыаналыырынан, Анна Афанасьевна, кырдьык даҕаны, нэһилиэнньэ билиниитин, тапталын ылбыт, чурапчылар киэн туттуохпутун сөптөөх эмчиппит, бэртээхэй сиэстэрэ диэтэхпинэ, сыыспаппын.  Маннык үтүө үлэһит туох наҕараадалааҕын, титуллааҕын билбэтим эрээри улаханнык сыаналаныан сөп эбит дии санаатым.

Түмүгэр, үйэбэр түбэспэтэх олус дьоҕурдаах, сатабыллаах эмчиккэ –сиэстэрэҕэ Анна Афанасьевнаҕа чэгиэн туругу, уһун үйэни, дьолу-соргуну, бары ситиһиилэри ис сүрэхпиттэн баҕардаҕым буоллун!

Иван Пономарев