Чурапчыбыт улууһугар араас хабааннаах тутуулар ыытыллан үлэҕэ киирдилэр. Бу кулун тутар 12 күнүгэр биһиги оройуоммут килбэйэр киинигэр үс баараҕай эбийиэк тэҥинэн үөрүүлээх арыллыылара буолла. Хаһыат, тэлэбиисэр сонуннарыгар элбэх үөрбүт сирэйдэр, аалай лиэнтэни быһыы үөрүүлээх түгэннэрэ көһүннүлэр. Ити инниттэн бу сүҥкэн үлэлэр бүтүннүүлэрэ элбэх киһи сыратыттан, түүннэри-күнүстэри көлөһүннэрин тоҕон туран үлэлэспит тутааччылар кыһамньылара буоларын учуоттаан бу ыстатыйа тахсара тоҕоостоох.

Таас балыыһа үөрүүлээх арыллыытын дьоро чааһыгар, “Айылгы” НАДь-тин үрдүк сценатыгар боростуой үлэһит, бэйэбит Чурапчыбыт уолаттара тахсаннар наҕараада ылалларын көрөр астык этэ. Үлэнэн дьолломмут Чурапыга, урут да билигин даҕаны, үлэ киһитэ мэлдьи өрө тутуллара, сырата-сылбата үрдүктүк сыаналанар. Ити санаанан салайтаран, Таас балыыһа иккис уочараттаах тутуутугар үлэлэспит дьон туһунан туоһулаһан, кэпсэтиибин Афанасий Кириллини кытары саҕалаатым.

Таас балыыһа иккис уочараттаах тутуута 2021 сыллаахха саҕаламмыта, 3332 тыһ. кв м иэннээх, 3 мэндиэмэннээх, хас биир эмчит кэбиниэтэ аныгы үйэ ирдэбилигэр барытыгар эппиэттиир, саҥа технология бүтэһик кэриэтэ тиэхиникэлэринэн толору хааччылынна. Манна даҕатан эттэххэ, бу тутууга биир улахан үлэнэн магнитно-резонанснай томографияны (МТР) установкалааһын буолбута.

“МРТ-быт хара маҥнайгыттан бырайыакпыт былаанынан “Сименс” фирма диэн этэ. Ону үлэбит саҕаланыытыгар оруобуна санкция биллэриллэн атын фирманы кытары үлэлэһии туһунан кэпсэтиилэр тахсыталыы сылдьыбыттара. Ол гынан баран, өр сыралаһан, Ростов-на-Дону куораттан биир поставщигы буламмыт, кинилэри кытары дуогабар түһэрсэн үлэбитин салгыы ыыппыппыт. МРТ биллэн туран ыарахан уонна уустук оборудование, ирдэбиллэрэ олус улахан. Ол эрэн бу тиэхэньикэ Чурапчы дьолугар кэллэ диэххэ сөп, бырайыакка эрдэттэн көрүллэн сылдьар этэ. Уопсай суумматын 99 мөл.солк дуогабардаспыппыт итиэннэ төлөбүрүн 80% тутатына ууран биэрбиппит. Ити бириэмэҕэ МРТ-ны Германияҕа хомуйан саҕалаабыттара, итиэннэ эмиэ ити кэмҥэ манна Москуба куораттан инженердэр кэлэннэр оборудование туруохтаах дьиэтин-уотун көрбүттэрэ, транспортировочнай былаһааккатын бэлэмнээбиттэрэ.

Манна даҕатан эттэххэ маннык тиэхэньикэ Арассыыйа үрдүнэн, тыа сиригэр бу биһиги эрэ улууспутугар аан бастакытын кэлэн турда. Аны кэлэр болдьоҕо тохсунньу-олунньу ыйдар буолан хаалбыттара, халлааммыт тымныытынан сибээстээн күммүтүн сыҕарытан кулун тутар ыйга көһөрөн биэрбиппит. Аны бу оборудованиебытын тымныыттан харыстаары “Сахатент” тэрилтэҕэ изотермическэй чехол сакаастаан тиктэрбиппит. Манна кэлбитин кэнниттэн сахалыы сиэри-туому толорон киллэрэн туруорбуппут. Бу үлэҕэ олус элбэх киһи кыттыыны ылбыта, хас сырыы аайы установкатын чааһыгар Москуба, Хабаровскай куораттан тиийэ кэлэннэр үлэлэспиттэрэ. Дьокуускай куораттан, Чурапчыттан төрүттээх Татьяна Колесова диэн мединженер идэлээх кыыһы кэпсэтэммит, ыҥыран аҕаламмыт көмөлөһүннэрбиппит”, — диэн “Адгезия” ХЭТ бырайыагын салайааччыта Игорь Спиридонов кэпсээтэ.

Тутуу уопсай хаамыытын хонтуруоллуур диэн бэтэрэнэн сытар дьыала буолбатах. Бу сыллар тухары СӨ Бырабыыталыстыбатыттан, СӨ доруобуйатын харыстабылын министиэристибэтиттэн, СӨ Прокуратуратыттан тиийэ кэлэннэр үгүс бэрэбиэркэлээтилэр, итиннэ барытыгар СМИ үлэһиттэрэ кинилэри батыһан үлэ хаамыытын, кимнээх үлэлии сылдьалларын харахтаах дьон буоларбыт быһыытынан көрө-истэ сырыттыбыт.

Ыспыраапка

Афанасий Михайлович Кириллин – тутуу эйгэтигэр үлэлээбитэ 30-ча сыл буолла. Маҥнай университеты бүтэрбит эдэр тутааччы, 1983 сыллаахха Эрилик Эристиин аатынан колхуоска прорабынан ананан үлэлии кэлбитэ. Үлэлээбитэ үһүс сылыгар, тутуу үлэтигэр тыыппалаах уолу старшай прорабынан, итини сэргэ сопхуос дириэктэрин солбуйааччытынан аныыллар. Оттон 1990 сыллаахха, төрөөбүт дойдутугар Чакырга ыҥыраннар сопхуостан араарыллыбыт аренднай тэрилтэ управляющайынан үлэлиир. Былаас уларыйан икки сыл устата Эрилик Эристиин аатынан коллективнай хаһаайыстыбаны салайбыта. 1992 сыллаах улуус баһылыгын дьаһалынан Чакырга баһылыгынан анаммыта. Төрөөбүт нэһилиэгэр 2000 сыллаахха диэри баһылыгынан үтүө суобастаахтык үлэлээн баран Эрилик Эристиин аатынан коллективнай хаһаайыстыба бэрэссэдээтэлинэн уонна кэнники бааһынай хаһаайыстыба холбоһугун бэрэссэдээтэлинэн тэҥҥэ үлэлээбитэ. Ити кэнниттэн Алексей Шадрин ыҥырыытынан улуус дьаһалтатыгар баһылыгы тутуу боппуруостарыгар солбуйааччынан үлэҕэ ыҥырыллан 11 сыл устата биэнсийэҕэ тахсыар диэри өрө таһаарыылаахтык үлэлиир. Афанасий Михайлович бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан да баран быар куустан олорботоҕо, 2011 сыллаахха Нам улууһун баһылыга Альберт Никитин ыҥырыытынан, Саха сирин норуоттар оонньууларын тутууларыгар 4 сыл үлэлэһэн 2015 сыллаахха дойдутугар эргиллэн кэлэн гаас киириитигэр үлэлэһэр. Онтон 2017 сыллаахха “Улыбка” уһуйаан тутуутугар учаастак начаалынньыгынан үлэлэһэн эбийиэги кэмигэр киллэрсибитэ.  

Ити кэмтэн ылата “Адгезия” тэрилтэни кытары чугастыы билсиһэн, күн-бүгүҥҥээҥи диэри олоҕун арахсыспат аргыһа оҥоһунна.

“Үс сыллааҕыта Михаил Филиппович звоннаан “эбийиэк тутан эрэбит, онно саҕалааһыҥҥа хайдах эмэ гынаҥҥын үлэлэһэриҥ буоллар” диэн көрдөстө. “Чэ, мин саҕалыам онтон эдэр киһини булаҥҥын олордоор” диэммит этттим. Инньэ гынан дьоммун түмэ тардан, каадырдарбытын наардааммыт барыта олохтоох уолаттар буола түстүлэр: прорабтарынан Юрий Ксенофонтов, Ариас Егоров, ыскылаат сэбиэдиссэйинэн Леонид Филиппов, инженер-счетчигынан Екатерина Павлова, геодезиһынан Александр Ефремов, крановщигынан Руслан Ушницкай, погрузчик тыраахтырга Иван Пономарев, сварщиктар биригэдьиирдэринэн Гаврил Попов, сантехниктар биригэдьиирдэринэн Альберт Кародашевскай, чааһынай урбаанньыт Юсуп Далиев, бырайыак салайааччыта Игорь Спиридонов үтүө суобастаахтык үлэлээтилэр, бу барыта Чурапчы уолаттара. Онон эбийиэкпит хаачыстыбалаахтык тутулларыгар бука бары кыһаллан кэллибит. Туох кистэлэр кэлиэҕэй, үлэбит хаамыытыгар итэҕэс-быһаҕас элбэх этэ. Итиннэ барытыгар уларытыылары киллэрэммит тутууга үлэлиирбитигэр бирикээспит тохсунньу 18 күнүгэр тахсыбыта. Барыта холбоон тутуубутугар 12 араас омук үлэлээтэ, муҥутаан биир кэмҥэ 70-тан тахса буола сырыттыбыт. Түгэнинэн тутуһан маннааҕы тутааччы кэллиэгэлэрбитигэр дириҥник махтанабыт, холобура “Хатан” ХЭТ-гэр, ПМК мелиорация тэрилтэтигэр, Егор Анемподистов тэрилтэтигэр хардары-таары көмөлөсүһэммит, тиэхэньикэлэрбитин солбуһуннара сылдьаммыт, матырыйаалларбытын ылсыһан-бэрсиһэн, бу улууспутугар туох баар бары эбийиэктэрбит тэҥинэн тутулла турдахтара. “Биһиэхэ баар” диэн бараҥҥын саба баттаан олороруҥ табыллыбат. Тутуубутугар үппүт-аспыт хамсаан биэрбэккэ сайыҥҥы кэмҥэ олорон биэрдибит, ыйтан ордук бытаан үлэ ыытыллыбыта. Улахан бэдэрээччикпитинэн Юсуп Далиев буолар, бэйэбит киһибит.

Сылын аайы Чита, Иркутскай курдук улахан куораттартан дьону аҕалан үчүгэй тэрээһиннээхтик үлэлэтэр. Матырыйаалларбыт кэллэллэр эрэ бэйэбит оробуочай уолаттарбыт күннэри-түүннэри сүөкэһэн, биир даҕаны бырааһынньыкка өрөөбөккөбүт сүүрдүбүт-көттүбүт. Ону таһынан бу бүтэһик эппиэтинэстээх күннэргэ, сууйааһыҥҥа-тарааһыҥҥа үөрэх тэрилтэтин үлэһиттэрэ улаханнык көмөлөстүлэр уонна хамнаска манна аҕыйах кыыһы үлэлэттибит. Баһаам киһи кэлэн субуотунньуктаата, холобура түмүктүүр икки күммүтүгэр, дьахталлар бырааһынньыктарын кэнниттэн балыыһалар барахсаттар нэһилиэктэртэн кытары ыҥыраннар 100-түү киһини таһаарбыттара, түүннэри үлэлээбиттэрэ.Онон кылаабынай быраас Николай Сергеевиһи кытары ыкса сибээстэһэн үлэлэстибит. Билигин ис өттүгэр баһаарынай ааннарбыт хойутаан кэлэннэр 60-тан тахса ааны уларыта сылдьабыт, ону сэргэ дьон тутуһан хаамарыгар аналлаах тирэхтэри ыйыахтара. Уута-хаара, уота-күөһэ барыта үлэлии турар. Биир үчүгэй түгэнинэн, түмүк чааска үлэһит уолаттар наҕараадаланнылар, мин ханна да үлэлээтэрбин үлэһит дьону хайаан даҕаны бэлиэтиир үгэстээхпин. Улууспут баһылыгар Степан Анатольевичка махталбыт улахан, туох эмитэ кыһалҕа үөскээтэ даҕаны киниэхэ быһалыы тахсарбыт. Кинини сэргэ улууспут пааспарын остуолун начаалынньыгар Аграфена Аркадьевнаҕа махтанабыт. Игорь Ивановичка махтанабыт, бу МРТ курдук оборудованиены сүрдээҕин туруорсан, ньоҕойдоһон, энергетик үөрэхтээх буолан уотун чааһыгар постанциятын үстэ уларытан туран, өр сыралаһан, төлөбүрүн чааһыгар “төбөтүн уган” туран аҕалтарда. Инньэ гынан бары уопсай сүбэнэн үлэбитин түмүктээтибит, билигин ити бытаххай-отоххой үлэлэр бүттэхтэринэ муус устар 1 күнүттэн дьон-сэргэ толору көрдөрүнэр усулуобуйата үөскүөҕэ”, — диэн уопуттаах тутааччы Афанасий Михайлович сиһилии кэпсээтэ.

Чурапчыбыт улууһуттан төрүттээх тутуу салаатыгар үлэлии сылдьар дьоммутугар уустук идэлэригэр кытаанах доруобуйаны, ситиһиини, табыллыыны баҕарыаҕын.

 

Сэмэн Жендринскэй