Чурапчы улууһунааҕы үөрэх эйгэтин үлэһиттэрэ Хабаровскай куоракка кууруска үөрэнэн кэллилэр

Үөрэхтээһин эйгэтигэр идэ таһымын үрдэтии — биир сүрүн сайдар хайысханан буолар. Муус устар 5-16 күннэригэр Чурапчы улууһун үөрэҕин салаатыттан, дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччылара, Хабаровск куоракка бараннар идэни үрдэтэр кууруска үөрэнэн кэллилэр.

Ол курдук, К.Д. Ушинскай аатынан үөрэхтээһин таһымын үрдэтэр Хабаровскайдааҕы үнүстүүккэ Чурапчы улууһуттан барыта холбоон 24 дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччылар, кылаас салайааччыта, педагог-организатор кыттыыны ыллылар. Профилактика деструктивного поведения обучающихся тиэмэнэн интэриэһинэй практикумнар,  туһалаах лиэксийэлэр, трениннэр буоллулар. Үөрэх сүнньүнэн, муус устар 8-9 күннэригэр үнүстүүт профессордара Г.И. Пигуль уонна И.В. Сеньчукова бэрээдэги кэһиини эрдэттэн сэрэтэр үлэ сүрүн олугун, өйдөбүллэрин сиһилии арыйан кэпсээтилэр, дьарыктары ыыттылар. Муус устар 10-11 күннэригэр Хабаровскайдааҕы кванториум иһинэн үөрэх практическай чааһа сиһилии ырытылынна. Салгыы муус устар 13 күнүгэр Хабаровск куорат 6-с нүөмэрдээх гимназиятын, эбии үөрэхтээһин киин үлэтин-хамнаһын кытары билистилэр.

“Бу үөрэх үрдүк таһаарыылаахтык, көдьүүстээхтик ааста. Айаммыт сыалын толору ситэммит, ылбыт билиибит үтүө түмүктээх буолуо диэн эрэнэбит. 2024 сылга Чурапчы улууһун баһылыга Степан Саргыдаев үөрэхтээһин эйгэтигэр педагогтар кууруһунан хааччыллыахтаахтарын туһунан сыал-сорук туруоран, үөрэхпит этэҥҥэ таһаарыылаахтык ааспытыгар улаханнык махтанабыт. Үөрэҕи өҋөөн, тэрийэн ыыппыт Чурапчы улууһун үөрэҕин салалтатын салайааччытыгар Юрий Посельскайга, иитии үлэтин уонна эбии үөрэхтээһин салаатын салайааччыта Е.И. Чичигинароваҕа, сүрүннүүр исписэлиис Е.Р. Хоютановаҕа, оскуолабыт дириэктэрдэригэр күүс-көмө, өйөбүл буолбуттарыгар махталбытын тириэрдэбит”, — диэн Чурапчы улууһун оскуолаларын дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччылара иһитиннэрэллэр.

Сэмэн Жендринскэй