Сайыҥҥы уһун сынньалаҥ түмүктэнэн, саҥа үөрэх дьыла саҕаланара букатын аҕыйах хонук хаалла. Онуоха бастакы чуораан чугдааран үөрэнээччилэр үөрэх-билии кыһатыгар үктэниилэригэр, Чурапчы улууһун үөрэҕин салалтата хас биирдии оҕоҕо дьоһуннаах бэлэҕи бэлэмнээтэ.
Быйыл бастакы кылааска киирэр кырачааннартан саҕалаан оскуоланы бүтэрэр выпускниктарга тиийэ Чурапчы улууһун үөрэҕин салалтатын быһаччы сакааһынан Москуба куоракка “Чурапчы улууһун үөрэнээччитин күннүгэ” бэчээттэнэн таҕыста. Онон билии күнүгэр хас биирдии кылаас үөрэнээччитэ Чурапчы улууһун үөрэҕин салалтатыттан маннык күннүгү үөрэ-көтө тутуоҕа.
- Улууспутугар былырыыҥҥы үөрэх дьылыгар саҕаламмыт “Боотур Уус сыдьааннара” бырагыраамма чэрчитинэн, 2023-24 үөрэх дьылыгар Чурапчы улууһун 1-11 кылааһын бары үөрэнээччилэригэр анаан “Чурапчы улууһун үөрэнээччитин күннүгэ” диэн баар буолуоҕа. Бу күннүккэ үөрэнээччи бэйэтин туһунан иһитиннэриитэ, бастакы суһал көмө сулууспаларын төлөпүөннэрэ, оҕо үөрэтэр уруоктара, учууталын, төрөппүттэрин ааттара, төлөпүөннэрин нүөмэрэ итини таһынан РФ, СӨ уонна Чурапчы улууһун Судаарыстыбаннай бэлиэлэрэ, салайааччылара, Чурапчы улууһун нэһилиэктэрин туһунан иһитиннэриилэр, улууспут биллэр дьоно-сэргэтэ, үөрэнээччи тустаах быраабылата, үөрэҕи таһынан ханна баран эбии үөрэҕи, сатабылы ылыан сөптөөх тэрилтэлэрэ, бэлиэ күннэр, ааҕарга сөптөөх кинигэлэр, сүбэлэр-амалар, Саха сиригэр ытыктанар, биллэр-көстөр чулуу дьоммут үөрэх кыһаларыгар ааттара, үөрэх, ситиһии түмүктэрэ, тус ситиһиилэр, үөрэнэргэ тирэх, оҕолорго суол быраабылата, Саха норуотун суруллубатах үөрэҕэ, сиэр-майгы быраабылалара киирдилэр. Бу күннүгү Чурапчы улууһун үөрэҕин салалтата Москуба куоракка “Русское слово” кинигэ бэчээттээн таһаарар кыһаны кытары ыкса үлэлэһэн 4000 ахсааҥҥа илии баттаһан, атырдьах ыйын 25 күнүгэр таһаарыахтаах. Биир күннүк сыаната 330 солкуобайга тэҥнэһэр. Күннүк хас биирдии оскуолаҕа тарҕаныаҕа, — диэн Чурапчы улууһун үөрэҕин салалтатын иитэр уонна эбии үөрэхтээһин отделын салайааччыта Евгения Чичигинарова сырдатта.
Күннүк үөрэнээччилэргэ патриотическай тыыны саҕарга анаан Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин, Саха өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев уонна Чурапчы улууһун баһылыга Степан Саргыдаев мэтириэттэрэ, дойдубут Өрөгөйүн ырыалара уонна символическай бэлиэлэрэ, улуус каартата киирдилэр. Маны таһынан, хас биирдии үөрэнээччи улууһун чаҕылхай дьонун билэрин туһугар Семен Новгородовы, Дмитрий Коркины, Георгий Башарины, Иван Федосеев-Доосону, Семен Флегонтовы о.д.а билиһиннэрэр информация киирдэ.
Сэмэн Жендринскэй